Ньурба оройуонун Маалыкай уонна Хатыы сэлиэнньэлэригэр “Саха сүөһүтэ” генофонднай хааһына тэрилтэтэ сылгы баазаларын арыйда. Манна ураты Мэҥэдьэк боруода сылгылары иитиэхтэрэ. Бу туһунан Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
“Ньурба оройуонугар бөдөҥ көрүҥнээх, ыйааһыннаах Мэгэдьэк боруода ураты сылгытын иитэллэр. Бу күннэргэ Маалыкайга уонна Хатыыга сылгы баазаларын арыйдылр. Бүгүн бу баазаларга 190-ча сылгы турар. “Саха сүөһүтэ” тэрилтэ өрөспүүбүлүкэни төрүттээччилэртэн биирдэстэрин Степан Васильев аатын сүгэр Ньурбатааҕы салаатыгар туһааннаах боруода 500 кэриҥэ сылгыта иитиллэр”, — диэтэ Айсен Николаев.
“Мэҥэдьэк” отделениетыгар түөрт звенолаах. Бу звенолар Бордоҥ, Малдьаҕар, Мэҥэдьэк, Малдьаҕар нэһилиэктэригэр бааллар. Итилэртэн биирдэстэрэ Маалыкайтан 4 км турар “Мондуку”. Манна сылгыһыттар дьиэни, гарааһы, баанньыгы, хаһааны туттулар.
Ону тэҥэ Хатыы сэлиэнньэтиттэн 40 км тэйиччи сиргэ “Дуолукаан” саҥа сылгы базатын ыччат сылгыга анаан арыйдылар.
2011 сыллаахха Мэҥэдьэк боруодатын “Селекция ситиһиилэрин чинчийиигэ уонн харыстааһыҥҥа Арассыыйа Федерациятын судаарыстыбаннай хамыыһыйата” тэрилтэ бигэргэппитэ. Бу боруоданы таһаарыыга Кузнецкайдааҕы сылгы дьоһун оруоллаах. 50-с сылларга Мэҥэдьэк боруода сылгыларга нуучча тяжеловозтарын хаанын холбообуттара.
“Саха сүөһүтэ” ГКП саха боруода сүөһүтүн үөскэтиигэ анаан 2019 с. Саха сирин баһылыгын Айсен Николаев көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Бүгүн оройуоннарга хайы-үйэ 10 отделениелаах.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бүгүн, ахсынньы 4 күнүгэр, “Классное руководство - ядро единого образовательного пространства” кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы…
Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ…
Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар…
Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна. Бу…
Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание…
Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрин үөрүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Быйыл Саха сирин мэдисиинэ училищетын…