Ньурба оскуолатыгар саахымат кылааһа аһылынна
Бу күннэргэ Ньурба 3-с нүөмэрдээх алын сүһүөх оскуолатыгар саахымат кылааһа аһылынна. Бу туһунан улуустааҕы үөрэх управлениета иһитиннэрдэ.
— Билигин түргэнник, тэтимнээхтик сайдар олох кэмигэр саахымат оонньуута оҕо интеллектуальнай ѳйѳ-санаата сайдарыгар, тобуллаҕас ѳйдѳѳх буоларыгар, элбэх туһалаах хаачыстыбалары иҥэринэригэр улахан кѳмѳлѳѳх. Ол иһин биһиги улууспутугар оҕолор ортолоругар саахымат оонньуутун сайыннарыыга ураты болҕомто уурулларын кэм-кэрдии ирдиир. Ол курдук, биһиги Ньурба 3-с №-дээх алын сүһүөх оскуолабытыгар 1б кылааска саахымат кылааһа аһыллыытыгар дириэктэрбит Петр Петрович Кузьмин эҕэрдэ тылынан саҕаланна. Ол кэннэ бэйэтин итии-истиҥ эҕэрдэтин тиэртэ Ньурба оройуонун Аҕа баһылыгын солбуйааччыта, саахымат федерациятын салайааччыта Эдуард Николаевич Мярикянов уонна кыра сэмэй бэлэх туттарда. Салҕыы тылы Ньурба куораппыт Аҕа баһылыга Геннадий Васильевич Игнатьев үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэйэтин бэлэхтэрин туттарда. Оройуоннааҕы үѳрэҕирии салалтатын салайааччытын солбуйааччыта Лена Мартыновна Котоконова эҕэрдэ тылларын эттэ. Бүгүҥҥү үтүө күҥҥэ оскуолабытыгар саахымат кылааһа арыллыытыгар күүс-көмө буолбут меценат Степан Викторович Осипов бэлиэ кʏнʏнэн эҕэрдэлээтэ. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ оҕолорбут саахымат туһунан хоһоон эттилэр, үҥкүүлээтилэр. Саахымат кылааһыгар учууталынан ананна саахыматы ѳрѳ тутар, Ньурба оройуонугар биллэр саахыматчыт Иванов Геннадий Игнатьевич. Ѳссѳ биир саамай күндү ыалдьытынан буолла Семенов Валерий Федорович, Ньурба оройуонун биир биллэр саахыматчыта,- диэн улуустааҕы үөрэҕирии управлениетыгар иһитиннэрдилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: