Ньурба сирэ “Кыыс Дэбилийэ” олоҥхону биһирээтэ
Олунньу ый 3 күнүгэр Ньурба тыйаатырын саҥа таас уораҕайыгар Олоҥхо тыйаатыра кэлэн ыалдьыттаан, саха норуотугар киэҥник биллибит, норуот киэн туттуута буолбут, РФ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыската Степанида Борисова туруоруутугар “Кыыс Дэбилийэ” олоҥхону көрдөрөн, көрөөччүлэр киэҥ биһирэбиллэрин ылла.
Туруоруу саҕаланыыта да ураты эйгэттэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр Олоҥхо тыйаатырын төлкөтүн түстэспит аҕалаатар аҕата, саха ускуустубата аан дойду таһымыгар тахсыытыгар улахан кылааттаах норуот билиниитин, сүгүрүйүүтүн ылбыт норуодунай артыыс, билигин СӨ Ил Дарханын сүбэһитинэн үлэлиир, Геокултуурнай сайдыы институтун дириэктэрэ Андрей Саввич Борисов эҕэрдэтинэн саҕаланна.
Урукку өттүгэр Олоҥхо тыйаатырын туруоруутун көрбөтөх буолан, Ньурба тыйаатыры таптааччылара бу күн сааланы толору мустан, ураты эйгэҕэ киирэн, умсугуйа, сөҕө, таптыы киэн тутта көрдүбүт. Улуу Олоҥхобут саха тылын кэрэтин, эгэлгэ дэгэтин, модун күүһүн түмпүт улууканнаах айымньыбыт буоларыгар өссө төгүл итэҕэйдибит. Ону Олоҥхо тыйаатырын эдэркээн артыыстара дьон, көрөөччү сүрэҕэр тиэртилэр. Бары да ураты талааннаах эдэр артыыстар оонньоон көрдөрбүттэрэ Олоҥхо тыйаатыра кэскиллээҕин, көрөөччү инникитин өссө да элбэҕи эрэнэ кэтэһэрин туоһулаата. Онтон сүрүн оруолу толорбут эдэркээн артыыска Анастасия Алексеева барыбыт нохтолоох сүрэҕэр тапталы сахта, саха олоҥхото сарсыҥҥылааҕын, Олоҥхо норуоппут духуобунай-култуурунай нэһилиэстибэтэ, устуоруйаны кэрэһилиир үтүө өйдөбүнньүк буоларын өссө төгүл итэҕэттэ.
Кыыс Дэбилийэ үс дойдулаах саха олоҥхотун сүрүн дьүһүлгэнэ буолан, үөһэттэн анаан айыллыбыт, кини Чугдаан Бухатыыр көрдөһүүтүнэн Айыы аймаҕын туһугар охсуһууга турунуута уонна кыайыыта умсугутуулаахтык көрдөрүлүннэ. Бу да сырыыга дьахтар нарын санныгар түһэриллибит эрэйи, кыһалҕаны тэҥҥэ үллэстэн, бухатыыр мөлтүүр-ахсыыр кэмигэр дьахтар сиэрдээх өйүнэн, ыарахан кэмҥэ эрэллээх доҕор буолан саха кэскилин түстэстэ.
Олоҥхо-испэктээк түмүктэниитэ олус долгутуулаах буолла, көрөөччүлэр артыыстары сыанаттан ыыппакка, «браво, бис” хаһыынан доҕуһуоллаан, артыыстарга умнуллубат түгэни бэлэхтээтилэр. Мин таспар олорбут кырачаан көрөөччү: «Эбээ, мин наһаа үөрдүм, ытыһым ыалдьыар диэри таһынным”, — диэн үөрбүт саҥа аллайыыта да элбэҕи этэр. Онтон биир дойдулааҕым, Саха, Ньурба тыйаатырдарын туруорууларын көтүппэккэ көрөр Ньурбатааҕы оҕо уонна дьиэ кэргэн киинин дириэктэрэ Марианна Васильевна Алексеева бу испэктээк кэнниттэн маннык суруйбут: “В пятницу вечером вырвалась в театр! На Олоҥхо! Какое торжество великого эпоса! Какая педагогика Степаниды Борисовой! Какие молодые таланты Театра Олоҥхо! Какая эстетика грима и костюмов! Какие находки режиссерские, художественные! И какой тойук!” Бу өрөгөй тыллар кэннилэриттэн киһи эбэрэ да суох курдук.
Билигин олох сыаннастара, сайдыы тэтимэ түргэнник уларыйа турар кэмигэр эдэр көрөөччү ускуустуба бу саамай уһулуччулаах эйгэтин — тыйаатыры таптыы, умсугуйа көрөрүгэр баҕа санаабын тириэрдэн туран, саха тыйаатырын төрүттэспит улуу Алампа тылларынн түмүктүүбүн: “Тыйаатыр — киһи үчүгэй санаатын уһугуннаран сайыннарар оскуола”
Мария НИКОЛАЕВА,
Александр КОНДРАТЬЕВ түһэриилэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: