Ньурба тыйаатыра Грознайга ыалдьыттаата

Ньурба тыйаатыра Грознайга ыалдьыттаата

Ааптар:
26.09.2022, 17:10
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 11-19 күннэригэр Чечня Өрөспүүбүлүкэтин килбэйэр киинигэр Грознай куоракка «Култуура» национальнай бырайыак чэрчитинэн “Федерация” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы национальнай тыйаатырдар төрдүс бэстибээллэрэ ыытылынна.

Арассыыйа тыйаатырдарын уопсастыбатын түмэр сыаллаах-соруктаах ыытыллар бэстибээл аҕа дойдубутугар олорор бары норуоттар култуураларын кытта чугастык билсиһэр кыаҕы биэрдэ. “Федерация” бэстибээлгэ Марий Эл, Дагестан, Карелия, Мордовия, Татарстан, Саха сирин уонна Чечня национальнай тыйаатырдарыттан барыта 13 испэктээги көрдөрдүлэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин аатыттан Ньурба судаарыстыбаннай көһө сылдьар тыйаатырын дэлэгээссийэтэ кытынна. Балаҕан ыйын 18 күнүгэр М.Ю.Лермонтов аатынан Судаарыстыбаннай нуучча драмтыйаатырын сыанатыгар Николай Неустроев айымньытынан, СӨ култууратын туйгуна, режиссер Алгыс Макаров туруоруутугар «Тиэтэйбит» испэктээги оонньоон көрдөрдүлэр. Киэҥ далааһыннаах бэстибээлгэ кыттыыны ылалларыгар Ньурба тыйаатырыгар СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга Министиэристибэтэ улаханнык көмө буолла.

Бэстибээл чэрчитинэн күн аайы араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытылыннылар: национальнай тыйаатырдар режиссердарын лабораториялара, ону тэҥэ сыана тылыгар-өһүгэр маастар-кылаастар, төгүрүк остуоллар, айар көрсүһүүлэр, режиссердар мөккүөр-баттллара о.д.а.

Бэстибээл сабыллыытын үөрүүлээх чааһыгар Аднан Шахбулатов аатынан Чечня судаарыстыбаннай филармониятын артыыстара уонна кэллэктииптэрэ кыттыыны ыллылар. Ону сэргэ судаарыстыбаннай филармония симфоническай оркестра, «Нур-Жхар» норуот ырыатын ансаамбыла уонна Чечня үтүөлээх артыыската Раяна Асламбекова дьоро киэһэни киэргэттилэр.

“Федерация” бэстибээл кыттыылаахтара, Ньурба судаарыстыбаннай көһө сылдьар тыйаатырын делегаттара санааларын үллэһиннилэр:

Майя Слепцова, СӨ үтүөлээх артыыската:

— Чечен ыалдьытымсах норуотун кэрэхсээтим, олохтоох дьон бэйэлэрин култуураларыгар, төрүт үгэстэригэр олус харыстабыллаахтык ытыктаан сыһыаннаһаллара харахха тута быраҕыллар. Бары чөл олоҕу тутуһалларын, салайааччыларын ытыктыылларын сөхтүм. Бэстибээл сабыллыытын күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ чечен дьахталларын күнэ бэлиэтэммитэ. Грознай — олус кыраһыабай, аныгы куорат. Ханна эрэ олох атын дойдуга, кыраныысса таһыгар сылдьар курдуккун.

Любовь Парникова, Ньурба тыйаатырын сүрүн администратора:

— Ньурба тыйаатыра бу бэстибээлгэ иккис төгүлүн кытынна. Бэстибээл эмиэ былырыыҥҥытын курдук үрдүк таһымнаахтык ааста. Ньурба судаарыстыбаннай драмтыйаатырын аатыттан тэрийээччилэргэ ыҥырыыларын, бэстибээл таһымнаах тэрээһинин иһин махтанабын. Быйылгы “Федерация” бэстибээл дойду үрдүнэн биллэриллибит Арассыыйа норуоттарын култуураларын нэһилиэстибэтин сылыгар ону сэргэ Саха уонна Чечен өрөспүүбүлүкэлэрэ тэриллибиттэрэ 100 сыллаах үбүлүөйдэрин бэлиэтиир сылларыгар ыытыллан тыйаатыр искусствотын историятыгар киирдэ. Уһун айаны уҥуордаан Сахабыт өрөспүүбүлүкэтин аатыттан баран кыттыыны ылбыппыт иһин Ньурба уонна Сунтаар оройуоннарын дьаһалталарыгар, Мииринэй тыйаатырын салалтатыгар, Ньурба оройуонун култуураҕа департаменыгар уонна «Камелек» национальнай хампаанньа салалталарыгар махталбытын тиэрдэбит.

Мария Семенова, Ньурба судаарыстыбаннай тыйаатырын литературнай чааһын сэбиэдиссэйэ:

— Чечня олохтоохторо биһигини олус истиҥник, сылаастык көрүстүлэр. Күн-дьыл кытары туран биэрдэ. Бэстибээл үрдүк таһымҥа ыытылынна, киэҥ далааһыннаах баай бырагыраамалаах тэрээһин буолла. Тэрийээччилэр ымпыгар-чымпыгар диэри кыһаллан кыттааччыларга уонна көрөөччүлэргэ доҕордуу эйэҕэс сыһыаны олохтуур айар эйгэни бэлэхтээтилэр. Бэстибээлгэ кыттар испэктээтэри А.А.Айдамиров аатынан Чечня Өрөспүүбүлүкэтин национальнай бибилэтиэкэтигэр, Ханпаши Нурадилова аатынан  судаарыстыбаннай драматическай тыйаатырга уонна М.Ю.Лермонтов аатынан судаарыстыбаннай нуучча драматическай тыйаатырыгар көрдүбүт. Ханпаши Нурадилова аатынан Чечен судаарыстыбаннай драматическай тыйаатыра “Выше гор”, Альметьевскай татаар тыйаатыра «Бегущий за ветром», Марийскай тыйаатыр «Путевка в жизнь», Хотугу Осетия тыйаатыра «Палата №6», Карелия республикатын национальнай тыйаатыра «В сапоге у бабки играл фокстрот» о.д.а туруорууларынан кытыннылар. Балаҕан ыйын 14 күнүгэр «Кезеной-Ам» диэн туристыы-рекреационнай кластер баазатыгар айаннаабыппыт. Онно Кезеной-Ам диэн күөл кытылыгар бэстибээл кыттааччыларыгар уонна ыалдьыттарга аналлаах чаҕылхай бырагыраамалаах умнуллубат көрсүһүү буолан ааста.

 Надежда Ильина.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: