Ньурба тыйаатырын дириэктэринэн үлэлээбит А.А.Габышев төрөөбүтэ 100 сылыгар

Share

Быйыл Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар драматическай тыйаатыр бастакы дириэктэрэ, Саха АССР үтүөлээх артыыһа  Александр Алексеевич Габышев төрөөбүтэ 100 сыла туолла.  

Александр Алексеевич Габышев Үөһээ Бүлүү улууһун Хомустаах нэһилиэгэр ыам ыйын  22 күнүгэр 1924 сыллаахха  кыанар дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. 1941 с. Ньурба оройуонун Араҥастаах нэһилиэгэр сэттэ кылаастаах оскуолатын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. 1942 с. алтынньы ыйыгар Ньурбатааҕы 2-с судаарыстыбаннай колхуоһунай тыйаатырыгар практикант-артыыһынан үлэтин саҕалаан, 1949 с. диэри артыыһынан үлэлээбитэ. 1949 с. алтынньытыттан Дьокуускайдааҕы  П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай музыкальнай-драматическай тыйаатырга артыыһынан үлэлии сылдьан, 1950 с. М.С. Щепкин аатынан Москватааҕы театральнай училищеҕа үөрэххэ барар (1950-1954 сс.) уонна  хойутуу 1962 с. бүтэрэр. 1954-1960 сс. Дьокуускайдааҕы П.А.Ойуунскай аатынан судаарыстыбаннай музыкальнай-драматическай тыйаатырга сүрүн  администраторынан, 1960-1963 сс. Майа драматическай тыйаатырын сэбиэдиссэйинэн, 1963-1966 сс. Дьокуускайдааҕы концертнай-эстраднай бюро дириэктэринэн уонна тыйаатыр дириэктэри солбуйааччытынан үлэлиир.

1966 сыллаахха Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар драматическай тыйаатырга  дириэктэринэн  ананан кэлбитэ. Кини салайар кэмигэр Ньурба тыйаатырыгар бырааттыы омуктар драматурдарын айымньылара туруоруллара үгэскэ кубулуйбута, тыйаатыр Саха комсомолун бириэмийэтин лауреата буолбута, гостуруоллар өрөспүүбүлүкэ уһук сирдэригэр тиийэ буолаллара.  Үрдүк таһаарыылаах салайар үлэтин сыаналаан үрдүкү салалта 1974 сыллаахха  “Якуттеатр” объединение дириэктэринэн  анаан Александр Алексеевич Дьокуускайга барбыта.  

Мария Семенова тиксэрдэ.
Мария Семенова тиксэрдэ.
Мария Семенова тиксэрдэ.
Мария Семенова тиксэрдэ.
Мария Семенова тиксэрдэ.
Мария Семенова тиксэрдэ.
Мария Семенова тиксэрдэ.
Мария Семенова тиксэрдэ.

Габышев А.А. биир дойдулаахтара, Хомустаах нэһилиэгин олохтоохторо, киэн туттар биир дойдулаахтарын аатын үйэтитиигэ үгүс үлэни ыытан кэллилэр. Быйыл балаҕан ыйын 12 күнүгэр Бүлүү бөлөх улуустарын самодеятельнай кэлэктииптэрин, тыйаатыр устуудьуйаларын икки ардыгар  Александр Алексеевич Габышев төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан «Түүҥҥү алыптаах театр» диэн аһаҕас  бэстибээли “Хомустаах нэһилиэгэ” МТ дьаһалта,  Хомустаах сынньалаҥ киинэ, Үөһээ Бүлүүтээҕи норуот айымньытын дьиэтэ, Үөһээ Бүлүүтээҕи култуура уонна духуобунай сайдыы департамена үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыыттылар. Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар драматическай тыйаатыртан аҕыс киһилээх делегация кытынна: дириэктэр, СӨ үтүөлээх артыыһа Николай Иванович Никитин, СӨ норуодунай артыыстара Валентина Николаева, Борис Борисов, СӨ үтүөлээх артыыстара Александра Кривогорницына, Людмила Васильева, СӨ култууратын туйгуна Роман Семенов, суоппар Александр Николаев уонна тыйаатыр фотограба Александра Комогорцева. А.А.Габышев Саха сиригэр тыйаатыр сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэр, Бүлүү бөлөх оройуонун самодеятельнай театральнай коллективтарын икки ардыгар айымньылаах сыһыаны олохтуур, талааннаах дьону киэҥ эйгэҕэ көрдөрөр сыаллаах бэстибээл аһаҕас халлаан анныгар ыытылларынан  уратылаах. Ол курдук, бу күн төһө да самыырдааҕын, тыаллааҕын иһин,  Хомустаах нэһилиэгин култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар элбэх көрөөччү мустан фестиваль кыттааччыларын испэктээктэрин, олохтоохтор, ыалдьыттар кэнсиэртэрин дуоһуйа көрдүлэр.  

Мария Семенова тиксэрдэ.

Хомустаахха Васильева Галина Николаевна тэрийэн үлэлэтэр суруйааччы Николай Алексеевич Габышев аатынан кыраайы үөрэтэр түмэли бэстибээл ыалдьыттара бары олус сэргээтилэр. Манна Александр Алексеевич Габышевка аналлаах элбэх матырыйааллаах туспа саалалаах. Кыттааччылар оскуола дьиэтигэр маастар-кылаастарга сырыттылар.  Ньурба тыйаатырын артыыстара «Тыйаатыр гримэ», «Уус-уран ааҕыы», «Артыыс маастарыстыбата»  диэн тиэмэлэрдээх маастары-кылаастары ыыттылар. Валентина Николаева Ильшат Юмагулов «Нэркэс» айымньытыттан  Зумрат уобараһын гримин оҥорон көрдөрдө, дьоруойун монологуттан ааҕан иһитиннэрдэ.  Александра Кривогорницына Суорун Омоллоон «Күн күөрэйиэн иннинэ» драматыгар оонньообут Норо уобараһын гримин уратытын кэпсээтэ, испэктээктэн быһа тардан толордо.    Борис Борисов эдэр кыттааччыга оҕонньор гримин оҥорон сөхтөрдө.  Людмила Васильева уус-уран ааҕыыга ыыппыт маастар-кылааһыгар тылы чуолкайдык саҥарыыга эрчиллиилэри көрдөрдө, тыл ис хоһоонун тириэрдэр ньымаларын кэпсээтэ. Роман Семенов артыыс сценаҕа оонньуурга бэлэмнэнэр дьарыктарыттан талан  оҥоттордо.  

СӨ норуодунай артыыската Валентина Николаева: «Александр Алексеевич Габышев дойдутугар Хомустаахха олохтоохтор тэрийэн ыытар тэрээһиннэригэр Ньурба тыйаатыра төһө сатанарынан кыттабыт, бииргэ үлэлэһэбит, куруук билсэ турабыт. Быйылгы тэрээһин уон биир чаастан чаҕылыччы тыкпыт күннээх Александр Габышев төрөөбүт, олорон ааспыт өтөҕүттэн Чоҕунуур алааһыттан саҕаламмыта.  Эдэр баһылык Яков Викторович кэлбит ыалдьыттары эҕэрдэлээн көрсүбүтэ. Урут баһылыгынан үлэлээбит Поротова Христина Петровна нэһилиэгин туһунан билиһиннэрбитэ. Николай Алексеевич Габышев аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл салайааччыта  Васильева Галина Николаевна Александр Габышев төрдүлэриттэн саҕалаан иһирэх ахтыы оҥорбута. Галина Николаевна ис сүрэҕиттэн сүгүрүйэр биир дойдулаахтарын, нэһилиэгин историятын үйэтитэр баҕаттан түмэли урукку маҕаһыын дьиэтигэр тэрийэн, кэлбит ыалдьыт сөбүлээн сылдьар сирэ буолбутуттан үөрэбин, махтанабын. Кэнэҕэскитин бу түмэл саҥа дьиэлэнэн, өссө байытыллан үлэлииригэр баҕарабын. Хомустаах ис киирбэх, чөкө пааркатыгар сүрүн тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ыалдьытымсах Хомустаах дьоно-сэргэтэ түмсүүлээхтэр, куруук сылаастык итии чэйинэн, сахалыы аһынан көрсөллөр, быйылгы тэрээһин эмиэ үрдүк таһымнаахтык ааста.  Тус бэйэм ааппыттан бары тэрийээччилэргэ, кыттааччыларга махталбын тиэрдэбин!»

Мария Семенова тиксэрдэ.
Мария Семенова тиксэрдэ.

СӨ үтүөлээх артыыската Александра Кривогорницына: «Бэстибээлгэ кыттыбыт испэктээктэри Саха тыйаатырын сүрүн режиссера, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Руслан Тараховскай, СӨ норуоднай артыыһа Борис Борисов уонна мин дьүүллүүр сүбэҕэ киирэммит түмүктэри таһаардыбыт. Фестиваль түмүгүнэн Гран-при бирииһинэн Сунтаар улууһун Дьаархан нэһилиэгин «Одун» Норуот айымньытын дьиэтин иһинэн үлэлиир «Күндү Күлүүктэр» тыйаатыр Н. Д. Неустроев «Тар» комедиятын көрдөрөннөр наҕараадаланнылар (салайааччылар Маргарита Николаевна Максимова, Василий Васильевич Васильев). Биһиги кыайыылаахтарга Ньурба тыйаатырын аатыттан Ньурбабыт саҥа  тыйаатырыгар кэлэн  бу испэктээктэрин көрдөрөргө сертификат бирииһин туттардыбыт. “Бастыҥ эр киһи оруола”  номинация кыайыылааҕынан Харыйа Ыстапаан оруолун оонньообут Дмитрий Кондратьев буолла. «Бастыҥ режиссерскай үлэ»  —  Анна Маркова, Василий Васильев, Биһирэбил бирииһи Кэргэн дьахтар оруолун толорбут Маргарита Максимова ылла. Бастакы степеннээх Лауреат аатын Үөһээ Бүлүү улууһун Хомустаах нэһилиэгин кэлэктиибэ Суорун Омоллоон «Аанчык» испэктээктэрин иһин ыллылар (режиссер СӨ култууратын туйгуна, Хомустаах кулуубун директора Васильева Вера Васильевна). Иккис степеннээх Лауреаттарынан  Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгиттэн кыттыбыт кэлэктиип  Пётр Тобуруокап «Ойуулуоҕуҥ оонньуоҕуҥ» айымньытынан көҥүл дьүһүйүүлэрин иһин (салайааччы Лазарева Степанида Ивановна). Бэйэм ааппыттан биһирээбит кыттааччыбар СӨ үтүөлээх артыыһын Анатолий Кривогорницын туһунан кинигэбин бэлэхтээтим. Александр Габышев төрөөбүтэ сүүс сылыгар анаммыт үтүө тэрээһин оһуохайынан түмүктэммитэ.Ити курдук, ахтылҕан иэйиитигэр куустаран, түүн үөһүн саҕана тыйаатыр делегацията айаннаан кэллибит.»

СӨ үтүөлээх артыыската Людмила Васильева: «Үс чаастан Хомустаах үгүс элбэх өйдөбүнньүк оҥоһуулардаах, уоттаах-күөстээх кэрэ пааркатыгар кэлбит ыалдьыттары билиһиннэрииттэн саҕалаан, нэһилиэк баһылыга Яков Викторовичка махтал суруктары, өйдөбүнньүк альбомнары, сувенирдары, буклеттары  уонна сибэкки дьөрбөлөрүн туттартаабыта. Ону таһынан нэһилиэк көхтөөх олохтоохторо, бастыҥ үлэһиттэрэ наҕараада туппуттара. Ол кэнниттэн олохтоохтор уонна ыалдьыттар кыттыылаах эҕэрдэ кэнсиэрпитин саҕалаабыппыт.»

Ньурба тыйаатырын кэлэктиибин аатыттан Үөһээ Бүлүү улууһун Хомустаах нэһилиэгин баһылыгар Яков Викторовичка, сынньалаҥ киинин дириэктэригэр Вера Васильевнаҕа, түмэл салайааччытыгар Галина Николаевнаҕа, Елена Николаевнаҕа, Христина Петровнаҕа, бары олохтоохторго   махтанан туран, ыытар кэскиллээх үлэҕит холобур буолан, салгыы кэҥээн нэһилиэккит үүнэ-сайда, чэчирии турарыгар баҕарабыт!

Мария Семенова, Ньурба драматическай тыйаатырын

литературнай чааһын сэбиэдиссэйэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

7 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

8 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

8 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

9 часов ago