Бүгүн Ньурба улууһугар эти астыыр саҥа сыах аһыллыбытын туһунан улуус баһылыга Алексей Иннокентьев телеграмҥа ханаалыгар иһитиннэрдэ.
-Урбаанньыт Альберт Иванович Васильев эт сыаҕын аһыллыытын үөрүүлээх тэрээһинигэр кыттыыны ыллым. Кини быйыл Норуот көҕүлээһинин сылыгар эт астыыр сыах оҥорор туһунан бырайыагын көмүскээн кыайбытыгар, 1 мөл.солк.көмө харчыны биэрбиппит. Сылга тиийбэт кэм иһигэр дьиэтин туттан, оборудованиетын атыылаһан, үлэһиттэри наймылаһан бүгүҥҥүттэн үлэтин саҕалаата.
Билигин бэйэбит эппититтэн оҥоһуллубут бородууксуйа тахсара олус үөрүүлээх. Улууспутугар ынах, убаһа, сибиинньэ, куурусса этин саппааһа баар, онон кэлэр сыл саҥатыгар нэһилиэнньэҕэ атыыга таһаарарга бэлэм олороллор.
Кэлэр сылы Ил Дархан Айсен Николаев Үлэ сылынан биллэрдэ. Инньэ гынан, улахан болҕомто тыа сиригэр үлэлиир дьоммутугар ууруллуоҕа. Альберт Иванович бэйэтэ технолог идэлээх буолан, барытын ирдэбилгэ эппиэттиир гына бэйэтэ көрөн-истэн, сүүрэн-көтөн оҥордо, — диэн улуус баһылыга иһитиннэрдэ.
Билиҥҥи туругунан икки араас халбаһыны, ыыһаммыт эти оҥороллор. Салгыы бородууксуйатын көрүҥүн 20-ҕэ тиэрдэр былааннаах.
Сахабыт сирин араас улуустарыттан төрүттээх үлэһит дьон, кинилэр байыаннай дьайыыга ураты хорсун уонна дьоруойдуу быһыыны…
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) туһаайан этиитигэр 2026 сылга балтараа…
Сааҥсыйалар күүһүрбүт кэмнэригэр даҕаны өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ туруктаах диэн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар…
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Ил Түмэҥҥэ этиитигэр аҕа көлүөнэ бойобуой үгэстэрин байыаннай дьайыыга сылдьар…
Саха сиригэр 2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киириэхтээх олохтоох бэйэни салайыныы туһунан сокуон ылылынна.…
Ил Дархан бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин оҥордо. Кини 2026 сылы Култуура…