Ньурба улууһугар мэдиссиинэ саҥа эбийиэгэ тутуллар
Ньурбаҕа мэдиссиинэ үс мэндиэмэннээх саҥа куорпуһа тутулла турар.
3600 кв.м. иэннээх эбийиэккэ хирургия, травматология, ортопедия, функциональнай-диагностика уонна киин стерилизационнай отделениелар, тымыр отделениета, суһал көмө сулууспата, реанимация блога, эпэрээссийэ хосторо уонна экспресс-лаборатория баар буолаллара былааннанар. Ону сэргэ, улахан болҕомто ыарыы уонна эпэрээссийэлэр кэннилэриттэн ыарыһаҕы чөлүгэр түһэриигэ ууруллуоҕа.
“Саҥа балыыһаҕа Ньурба улууһун 20 тыһыынчаттан тахса олохтооҕун мэдиссиинэ өҥөтүнэн хааччыйыахтара. Балыыһа аһыллыыта мэдиссиинэ өҥөтүн хаачыстыбатын биллэрдик тупсарыаҕа, ыарыыны быһаарарга уонна эмтииргэ саамай аныгы ньымалары туһанарга көмөлөһүөҕэ”, — диэтэ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: