Салгыы
Ньурба улууһугар саҥа хотон тутулунна

Ньурба улууһугар саҥа хотон тутулунна

Ааптар:
05.11.2023, 11:00
https://t.me/MP_NRB
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Ньурба улууһун  Хаҥалаһыгар саҥа хотон үлэҕэ киирдэ. Улуустан бу эбийиэк тутуутугар 8 мөл. солк. көрүллүбүтэ,  сорох үбүлээһинин олохтоох «Артыал» кэпэрэтиип уйуммута.

— Үчүгэйэ — барыта олохтоох уолаттар, биир дойдулаахтара үлэлээн туттулар. Манна кэпэрэтиип сүөһүтэ уонна хотоҥҥо үлэлиир кэпэрэтиип чилиэннэрин сүөһүлэрэ — барыта 73  сүөһү киирэн турар. Эһиил хаҥаластар манна эбии 150 миэстэлээх хотон тутарга былаанныыллар. Итиннэ эмиэ көмөлөһүөхпүт. Нэһилиэк дьаһалтата уонна «Артыал» кэпэрэтиип биир ситимнээх, көдьүүстээх үлэлэрин бэлиэтиибин. Хаҥалас нэһилиэгэ итинэн атын нэһилиэктэргэ холобур буолар. Саҥа улахан хотон киллэрдэхтэринэ эмиэ уруккуларын курдук аҕам саастаах дьонтон уонна бүддьүөт үлэһиттэриттэн сүөһүлэрин ылан көрүөхтэрэ. Нэһилиэктэргэ маннык үлэ тэнийэн иһиэн баҕарабын, ол инниттэн кооперация сайдыан наада, — диэн улуус баһылыга Алексей Иннокентьев иһитиннэрдэ.

+1
5
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 18°C
  • Ощущается: 18°Влажность: 88% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: