Ньурба улууһун көрдүүр-быыһыыр этэрээтин быыһааччылара буровой вышкаттан сууллубут киһини быыһаатылар диэн СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр.
Бэҕэһээ, алтынньы 8 күнүгэр, киэһэ 20:50 ч. Ньурба улууһун ЕДДС-гар Ньурба куоратыттан 85 км сытар Акана нэһилиэгин Ыйылас диэн сиригэр быраҕыллыбыт буровой вышкаттан киһи сууллубутун туһунан иһитиннэрии киирбит. Доҕотторо, эмсэҕэлээччи тоноҕоһун уҥуоҕун өлөрбүт, хамсаабакка сытар, суһал мэдиссиинэ көмөтүгэр наадыйарын туһунан эппиттэр.
Быыһааччылары ыҥырыахтарыгар диэри халлаан хараҥара охсон бөртөлүөтү көтүтэр кыаллыбатах. Онон быһылаан тахсыбыт сиригэр вездеходунан барарга быһаарбыттар.
Ньурбатааҕы көрдүүр-быыһыыр этэрээт икки быыһааччыта уонна Ньурба улууһунааҕы киин балыыһа икки миэдигэ, биир полиция үлэһитэ уонна вездеход суоппара буолан айаннаабыттар. Аара Чкалов нэһилэгиттэн биир сирдьити, ону тэҥэ Үөһээ Бүлүү улууһун Оҥхойуттан эмсэҕэлээбит аймаҕын ылбыттар. Оҥхой нэһилиэгэ быһылаан тахсыбыт сириттэн чугас уонна эмсэҕэлээччи бу дойдуттан төрүттээх эбит.
Быһылаан буолбут сиригэр тиийэн баран, эмсэҕэлээбит киһини булчут үүтээнигэр көһөрбүттэр, быраастар эмсэҕэлээбит киһини көрбүттэр, сиһэ уонна төбөтө эчэйбитин быһаарбыттар.
Эмсэҕэлээбит киһини Ньурба куоратыгар балыыһаҕа киллэрбиттэр.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038