Ньурба улууһугар үс балыксыты быыһаатылар
Бэнидиэнньиккэ киэһэ Ньурба улууһугар Антоновка сэлиэнньэтиттэн 10 км тэйиччи Күндэ диэн сиргэ балыксыттар көмө көрдүүллэр диэн иһитиннэрии киирбит.
Балыксыттар алдьаммыт массыынаҕа үлүйэр кутталламмыттар. Көмөҕө үс быыһааччы таҕыспыт. Саха сирин Быыһыыр сулууспатын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, балыксыттар эрдэ күөлгэ түһэрбит илимнэрин көрө айаннаабыттар. Күөл кытыытыгар массыынаны умуруоран илимнэрин таһаара киирбиттэр. Киэһэ дьиэлэригэр төннөллөрүн саҕана массыыналара собуоттамматах. Өрөмүөннүү сатаан баран биир балыксыт сатыы дэриэбинэ диэкки айаннаабыт. Чаас аҥаара буолтун кэннэ хаалбыт икки балыксыт ыксаан халлаан хараҥарбытынан уонна тымныйбытынан 112 нүөмэргэ эрийбиттэр. Быыһааччылар сотору кэминэн массыынаны суоллаан булбуттар. Балыксыттары Быыһыыр сулууспа массыынатыгар көһөрөн баран, үһүс балыксыты көрдүү айаннаабыттар. Кинини биир чаас курдугунан булбуттар. Барыларын Антоновка дэриэбинэтигэр этэҥҥэ тиэрдибиттэр.
Саха сирин Быыһыыр сулууспата тырааныспар тэхиниичэскэй туругун эрдэттэн көрөргө, ону тэҥэ суолу-ииһи бүтүннүүтүн чуолкайдыырга сүбэлиир. Халлаан туруга мөлтөх кэмигэр ыраах айантан туттунарга ыҥыраллар. Көмө наада буоллаҕына бу нүөмэрдэринэн эрийиэххэ сөп: 112, (4112) 45-90-19.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: