Ньурба улууһугар үс балыксыты быыһаатылар

Share

Бэнидиэнньиккэ киэһэ Ньурба улууһугар Антоновка сэлиэнньэтиттэн 10 км тэйиччи Күндэ диэн сиргэ  балыксыттар көмө көрдүүллэр диэн иһитиннэрии киирбит.

Балыксыттар алдьаммыт массыынаҕа үлүйэр кутталламмыттар. Көмөҕө үс быыһааччы таҕыспыт. Саха сирин Быыһыыр сулууспатын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн,  балыксыттар эрдэ күөлгэ түһэрбит илимнэрин көрө айаннаабыттар. Күөл кытыытыгар массыынаны умуруоран илимнэрин таһаара киирбиттэр. Киэһэ дьиэлэригэр төннөллөрүн саҕана массыыналара собуоттамматах. Өрөмүөннүү сатаан баран биир балыксыт сатыы  дэриэбинэ диэкки айаннаабыт. Чаас аҥаара буолтун кэннэ хаалбыт икки балыксыт ыксаан халлаан хараҥарбытынан уонна тымныйбытынан  112 нүөмэргэ эрийбиттэр. Быыһааччылар сотору кэминэн массыынаны суоллаан булбуттар. Балыксыттары Быыһыыр сулууспа массыынатыгар көһөрөн баран, үһүс балыксыты көрдүү айаннаабыттар. Кинини биир чаас курдугунан булбуттар. Барыларын Антоновка дэриэбинэтигэр этэҥҥэ тиэрдибиттэр.

Саха сирин Быыһыыр сулууспата тырааныспар тэхиниичэскэй туругун эрдэттэн көрөргө, ону тэҥэ суолу-ииһи бүтүннүүтүн чуолкайдыырга сүбэлиир. Халлаан туруга мөлтөх кэмигэр ыраах айантан туттунарга ыҥыраллар. Көмө наада буоллаҕына бу нүөмэрдэринэн эрийиэххэ сөп: 112, (4112) 45-90-19. 

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

21 минута ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

1 час ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

15 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

16 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

16 часов ago