Салгыы
Ньурба улууһун Маарыгар тыатааҕы биэни тарпыт

Ньурба улууһун Маарыгар тыатааҕы биэни тарпыт

05.06.2023, 20:34
Мир Габышев тус архыыбын хаартыскалара
Бөлөххө киир:

Ньурба улууһун Маарыгар биэни тарпыт тыатааҕыны сохсонон бултаабыт хаартыскалара социальнай ситимҥэ тарҕанна. Биһиги Маар нэһилиэгэр сибээскэ тахсан тыатааҕыны бултаабыт Мир Иванович Габышевы кытта кэпсэттибит:

— Иллэрээ сылтан дэриэбинэ чугаһыгар тыатааҕы кэлэн биэлэрбитин моһуоктуур. Былырыын тыыппакка таһынан ааспыт этэ. Быйыл улахан биэни тардан, ыксааммыт нэһилиэк дьаһалтатыттан көҥүл ылан бултаһарга санаммыппыт. Бэҕэһээ сохсобутугар «буруйдаах» дьэ, түбэстэ. Бэйэтэ тардыбыт биэтин этинэн мэҥиэлээн туттубут. Олох нэһилиэктэн 2 км курдук чугас кэлэн биэни тардыбыта. Дьоҥҥо-сэргэҕэ сэрэхтээх диэн миэрэ ыллыбыт. Сарсын экологтарга киириэхтээхпин. Маарга уопсайынан тыатааҕы элбэх. Дьиэ кыылыгар кыһаммат, тыыппат буоллахтарына, биһиги бултаспаппыт. Быйыл ити буруйдаах буолан бултаатыбыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 апреля
  • -7°C
  • Ощущается: -12°Влажность: 63% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: