Ньурба урбаанньыттара үгүс саҥа тутууну үлэҕэ киллэрдилэр

Share

Кэнники сылларга Ньурба улууһун нэһилиэктэригэр араас хайысхалаах урбаан салаатын эбийиэктэрэ тутуллан киирдилэр.

Бу туһунан 2004-2023 сылларга Ньурба улууһун биисинэс-инкубаторын салайааччытынан үлэлээбит, билигин оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ньургуйаана Михайлова санаатын маннык үллэстэр:

Кэлиҥҥи сылларга улууспутугар элбэх урбаанньыт иитиэхтии сылдьыбыт былаанын олоххо киллэрэн, нэһилиэк аайы тыа хаһаайыстыбатын, социальнай, култуура, бэйэ оҥоһугун оҥорон таһаарыы эйгэлэригэр үгүс тутуу барда. Ол курдук,  Ньурбаҕа груминг-салон (ыты-куосканы сууйар пуун), нэһилиэктэргэ  бэкээринэ, эт-ас полуфабрикаттарын, кондитерскай астары оҥорор сыахтар,  тротуарнай билииккэ, кирпииччэ, тимир оҥоһуктары оҥорор, ювелирнай мастарыскыайдар уо.д.а. тутуулар арыллан үлэҕэ киирбиттэрэ, өссө да тутулла тураллар. Маныаха 2011-2012 сылларга тутуллубут оройуоннааҕы Бизнес-инкубатор дьиэтэ урбаанньыттары кытта үлэлэһэн, кинилэри өйөөн, үөрэтэн, саҥа саҕахтары, сонун сүүрээннэри олоххо киллэриигэ, сайыннарыыга улаханнык көҕүлээбитэ.

2022 сыллаахха Уһук Илиҥҥи гектарынан сир ылан, Антоновка нэһилиэгэр Альберт Васильев 90 кв м иэннээх халбаһыы сыаҕын тутан киллэрбитэ. Урбаанньыт 60 төбө ынах сүөһүнү кыстатар. Бэйэтэ убойнай пууннаах.

Араас хайысхалаах бэйэ дьыалатынан дьарыктанабын. Пилорамабар   тутуу маһын оҥорон таһаарабын. Ньурба пааркатын саҥардыыга тутуу маһынан хааччыйбытым.

Халбаһыы сыаҕар тэриллэрбин Владивостоктан, Новосибирскайтан, Санкт-Петербургтан сакаастаан ылбытым. Идэһэбитин халбаһыы сыаҕар туттабыт.

Онон бэйэ ынаҕын уонна сылгытын этиттэн оҥоһуллубут халбаһыы Ньурбаҕа, атын улуустарга, Накыыҥҥа, Дьокуускайга хамаҕатык атыыга барар. Күҥҥэ 100-чэкэ киилэ халбаһыыны оҥорон таһаарабыт.

Сыахпытыгар кэргэмминээн үлэлиибит, — диэн кэпсиир Альберт Васильев.

… Ити курдук, Ньурба урбаанньыттара үгүс тутууну ыытан, улуус олохтоохторугар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэни кытта хаччыйарга дьулуһаллар.

What’s your Reaction?
+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

«Саха сирин амтана» бэстибээли Марий Эл асчыттара астылар

Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…

28 минут ago
  • Хаартыска/Видео

ХААРТЫСКА: Аллайыахалар хараҥаҕа мэһэйдэппэттэр

Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…

1 час ago
  • Сонуннар

Суоттуга үлэһит үөрэнээччилэри чиэстээтилэр

Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тимофей Сметанин стелатыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Мас олортум, уол оҕону улаатыннардым, дьиэ туттум…»

 Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Арктика» айан суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…

2 часа ago