Бүгүн, алтынньы ый 26 күнүгэр, Арассыыйатааҕы Аҕа күнүн чэрчитинэн Ньурба улууһун Үөдэй нэһилиэгэр Аҕа сүбэтэ тэрийиитинэн уол оҕоҕо аналлаах тэрээһин буолан ааста.
Бу туһунан нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Мария Николаева маннык иһитиннэрдэ:
— Олохтоох дьаһалта суоппарынан үлэлиир аҕа түмсүүтүн чилиэнэ Айаал Аммосов «булт» диэн баран муннукка ытаабыт киһи, Аҕа сүбэтин үлэтин ыытар үлэтин чэрчитинэн, оскуола уолаттарын айылҕаҕа илдьэ тахсан, саха эр киһитин төрүт дьарыгар — булт кистэлэҥнэригэр үөрэттэ.
Айылҕаҕа сылдьыы сиэрин-туомун оҕолорго анаан билиһиннэрдэ. Уолаттар кыылы суоллууру, киискэ тоһуур иитэри илэ харахтарынан көрөн сэргээтилэр.
Ону таһынан пневматическай саанан сыал ытан холоннулар.
Аҕа сүбэтэ уол оҕону иитиигэ олус туһалаах үлэни ыытар. Ордук билиҥҥи уустук кэмҥэ аҕа оруола хаһааҥҥытааҕар да ордук чорботуллан бэлиэтэниэхтээх кэмигэр бу маннык үлэ күүскэ ыытыллыахтаах.
Тэрээһини «Айылгы» култуура киинин үлэһиттэрэ, дириэктэр Надежда Аммосова, уус-уран салайааччы Марфа Федорова толкуйдаан көҕүлээтилэр. Олоххо киллэрдэ — булчут Айаал Аммосов. Оҕолор төһө да кыра саастаах дьон буоллаллар, саха төрүт дьарыгын илэ харахтарынан көрөн-истэн, бэйэлэрэ тутан-хабан, олус астыннылар, оҕолуу үөрдүлэр.
Бу сырыыны уолаттар өрүү өйдүү-саныы сылдьыахтара. Кэнэҕэс бэйэлэрэ бултуур, оҕолору үөрэтэр булчут бэртэрэ буолан тахсыахтара.
... Ити курдук, күһүҥҥү кэми баттаһа, саха эр киһитэ оҕотун батыһыннара сылдьан булка, мууска-маска, идэһэҕэ үөрэтэр тоҕоостоох бириэмэни куоттарбакка, анаан турунар күннэрэ үүннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: