Ньурба Үөдэйин уолаттарын булка уһуйаллар

Share

Бүгүн, алтынньы ый 26 күнүгэр, Арассыыйатааҕы Аҕа күнүн чэрчитинэн Ньурба улууһун Үөдэй нэһилиэгэр Аҕа сүбэтэ тэрийиитинэн уол оҕоҕо аналлаах тэрээһин буолан ааста.

Бу туһунан нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Мария Николаева маннык иһитиннэрдэ:
Олохтоох дьаһалта суоппарынан үлэлиир  аҕа түмсүүтүн чилиэнэ Айаал Аммосов «булт» диэн баран муннукка ытаабыт киһи, Аҕа сүбэтин үлэтин ыытар үлэтин чэрчитинэн, оскуола уолаттарын айылҕаҕа илдьэ тахсан, саха эр киһитин төрүт дьарыгар — булт кистэлэҥнэригэр үөрэттэ.

Хаартыскаҕа Надежда Аммовсова түһэриитэ

Айылҕаҕа сылдьыы сиэрин-туомун оҕолорго анаан билиһиннэрдэ. Уолаттар кыылы суоллууру,  киискэ тоһуур иитэри илэ харахтарынан көрөн сэргээтилэр.

Хаартыскаҕа Надежда Аммовсова түһэриитэ

Ону таһынан пневматическай саанан сыал ытан холоннулар.

Хаартыскаҕа Надежда Аммовсова түһэриитэ

Аҕа сүбэтэ уол оҕону иитиигэ олус туһалаах үлэни ыытар. Ордук билиҥҥи уустук кэмҥэ аҕа оруола хаһааҥҥытааҕар да ордук чорботуллан бэлиэтэниэхтээх кэмигэр бу маннык үлэ күүскэ ыытыллыахтаах. 

Хаартыскаҕа Надежда Аммовсова түһэриитэ

Тэрээһини «Айылгы» култуура киинин  үлэһиттэрэ, дириэктэр Надежда Аммосова, уус-уран салайааччы Марфа Федорова толкуйдаан көҕүлээтилэр. Олоххо киллэрдэ — булчут Айаал Аммосов. Оҕолор төһө да кыра саастаах дьон буоллаллар, саха төрүт дьарыгын илэ харахтарынан көрөн-истэн, бэйэлэрэ тутан-хабан, олус астыннылар, оҕолуу үөрдүлэр.

Бу сырыыны уолаттар өрүү өйдүү-саныы сылдьыахтара. Кэнэҕэс бэйэлэрэ  бултуур, оҕолору үөрэтэр булчут бэртэрэ буолан тахсыахтара.

... Ити курдук, күһүҥҥү кэми баттаһа, саха эр киһитэ оҕотун батыһыннара сылдьан булка, мууска-маска, идэһэҕэ үөрэтэр тоҕоостоох бириэмэни куоттарбакка,  анаан турунар күннэрэ үүннэ. 

Хаартыскаҕа Надежда Аммовсова түһэриитэ
Хаартыскаҕа Надежда Аммовсова түһэриитэ
Хаартыскаҕа Надежда Аммовсова түһэриитэ
Хаартыскаҕа Надежда Аммовсова түһэриитэ
Хаартыскаҕа Надежда Аммовсова түһэриитэ
Хаартыскаҕа Надежда Аммовсова түһэриитэ
Хаартыскаҕа Надежда Аммовсова түһэриитэ
Хаартыскаҕа Надежда Аммовсова түһэриитэ

What’s your Reaction?
+1
10
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

7 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

9 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

9 часов ago