Ньурба ыраас иһэр уунан хааччылынна

Share

Ньурба улууһун Ньурба куоратыгар ууну ыраастыыр ыстаансыйа үлэҕэ киирдэ. Бу олохтоохтору хаачыстыбалаах иһэр уунан хааччыйыаҕа. Эбийиэк “Олох-дьаһах уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыак “Ыраас уу” федеральнай бырайыагын иитинэн тутулунна.  

“Саҥа ыстаансыйа сууккаҕа 1200 кубометры оҥорон таһаарар. Манна икки үрдэллээх ууну ыраастыыр ыстаансыйа, ыраас уу үс резервуара уонна 6,2 км уһуннаах магистральнай ситим киирэр. Ньурба олохтоохторун барыларын туох даҕаны омуннааһына суох кэтэһиилээх түгэннэринэн эҕэрдэлиибин. Саҥа сылы көрсө бу бэртээхэй бэлэх буолар!” – диэн Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников эттэ.

Ньурбаҕа ууну ыраастыыр ыстаансыйа тутуута быйыл саҕаламмыта. Сакаасчытынан Ньурба улууһун “ИСУ” тэрилтэтэ быһаарыллыбыта, оттон бэдэрээтчитинэн — «Сибтрансстрой» тэрилтэ.

Билигин Батаҕай бөһүөлэгэр, Алтан, Бэрдьигэстээх сэлиэнньэлэригэр, ону тэҥэ, Өлүөхүмэ куоракка (иккис түһүмэҕэ) ууну ыраастыыр ыстаансыйалар, Хаҥалас улууһун Бэстээх сэлиэнньэтигэр ууну хааччыйар ситим тутуулара бүтэн эрэр.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга полиция үлэһиттэрэ массыынаттан электрическэй үстүрүмүөнү уорууну арыйдылар

ИДьМ 1-кы нүөмэрдээх салаатыгар эр киһи тиийэн массыынабыттан электрическэй үстүрүмүөннэри уордулар диэн сайабылыанньа суруйбут. Хоромньу…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Ааҕааччы суруга: Ыарахан ыарыыттан быыһаабыт эмчиттэрбэр аҕалыы алгыс аныыбын

Күн сырдыга ыараханнык ыалдьыбыт киһиэхэ күндү да буоллаҕа. Киһи биирдэ олорор. Быһылааҥҥа,оһолго түбэстэххэ, ыыппат ыарыыга…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куокуй уһуйаанын хаар оҥоһуктара

Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин уһуйаанын тиэргэнин бэртээхэй хаар оҥоһуктар киэргэтэллэр. [gallery ids="178769,178770,178771,178772,178773,178774"] Бу маны барытын…

10 часов ago
  • Сонуннар

Хайа, хайдах олороҕут, ытык кырдьаҕастар?

"Хайа, хайдах олороҕут, ытык кырдьаҕастар?" - диэн ыйытыктаах Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев Ньурбатааҕы кырдьаҕастар…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйа уонна өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай наҕараадаларын туттарда

Саҥа дьылы көрсө Ил Дархан Айсен Николаев уһулуччулаах биир дойдулаахтарбытыгар Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Үөһээ Бүлүүгэ оскуола Саҥа дьыллааҕы киэргэтиитэ дьон болҕомтотун тарта

Саҥа дьылбыт чугаһаан ким хайдах дьоҕурдааҕынан, сатабыллааҕынан тиэргэнин, тэрилтэтин иннин киэргэтэр. Элбэх улууска социальнай тэрилтэлэр…

11 часов ago