М.С.Иванов-Багдарыын Сүлбэ аатынан Ньурбачаан орто агро- оскуолата 100 сылын туолла.
1924 сыллаахха Ньурбачаан өссө тутуллуон иннинэ Чырааба, 2-с Бордоҥ,Үҥкүүлүүр, Сүлэ оҕолоро үөрэнэллэригэр Нимискэннээх күөл үрдүгэр 7 кылаастаах оскуола тутуллан, 1924-1925 с с. оҕолор үөрэнэн барбыттара. Бу оскуолаҕа Миша Иванов, кэлин Михаил Спиридонович Иванов-Багдарыын Сүлбэ бастаан оскуола боруогун атыллаабыта. Биһиги ийэлэрбит, аҕаларбыт, Сүлэттэн Дмитриев Кеша-Сиэн Чолбодук, Семен Алексеев-Семен Семенович Сюльскай уо. д. а. үөрэнэн, олох киэҥ аартыгар үктэммиттэрэ. Норуот ырыаһыта Дария Гаврильевна Егорова 2 сыл үөрэммитэ. Кини талааннаах норуот маастара этэ. Сиэнин Розалия Николаевна Егорова — Попованы билиҥҥи норуот маастарын иитэн таһаарбыта “Сүүтүк” түмсүүнү салайан, ньурбачааннарын аатырдаллар.
Бу оскуолаҕа үөрэммит суруйааччы Ахмет Дмитриев ийэтэ Петрова Христина Васильевна уолугар дьиҥ чахчы историятын кэпсээбитэ “Ньурбачаан” кинигэ тахсарыгар олук буолбута.
Оскуола аһыллыытыгар норуот тойуксуттара Догуйук уола С. И. Степанов “Манчаары” пьесаны туруоран, оскуоланы аспыттара.
1956 с. Чырааба, 2-с Бордоҥ, Үҥкүүлүүр холбоһон Хордоҕойго А. Г. Дмитриев салайыытынан Ньурбачаан дэриэбинэтэ уонна 8 кылаастаах оскуола тутуллубута. Сэбиэдиссэйинэн Андрей Гаврильевич Дмитриев анаммыта.
Биһиги кылаас 1959-1960,1960-1961с. с. оскуола боруогун атыллаабыппыт. Начаалынай кылаастарга Яковлева И. И., Иванова Е. А. үөрэппиттэрэ. Үрдүкү кылааска СГУ-ну бүтэрбиттэр Петров В. И., Афанасьев П. И. салайааччынан үлэлээбиттэрэ. Быйыл бүтэрбиппит 55сыла буолар.
Оскуола 100 сылынан күһүн Нимискиэннээх үрдүгэр мэҥэ таас туруорбуттара. Онно “Сүлэ 1919 с.” диэн олох сыыһа суруйбуттара киһини хомотор.
Дьокуускайга Киин архыыптан ылан, Сүлэ начаалынай оскуолата 1919 сыллаахха аһыллыбыта диэн матырыйаалы Сюльскай С. С. сиэнэ С. А. Сюльскай оройуон баһылыгар А. М. Иннокентьевка туттаран, онно олоҕуран Сүлэ оскуолатын 100 сылын бэлиэтээбиттэрэ.
Нимискиэннээх Ньурбачаан сирин быһыытынан сыыҺа суруллубут архыып чахчытыгар сигэммэккэ мэҥэ тааска 1924 сыл диэн суруллуохтаах.
Оҕо сылларым ааспыт оскуолата 100 сылын туолбутунан итиитик- истиҥник эҕэрдэлиибин.Инникитин үүнэр көлүөнэни иитэн М. С. Иванов -Багдарыын Сүлбэ аатынан Никитина А. Е. дириэктэрдээх оскуола үлэтэ күн-түүн тупсан истин.
Оройуоннааҕы үөрэх управлениетын салайааччыта Ушканов Ф. Ф. сөптөөх көмөнү оҥороругар баҕарабын. Оскуолаҕа үөрэммит, өрөспүүбүлүкэ Казначействотын өр сыл салайбыт А. Е. Николаев, “Билмарт” салайааччыта Семенов М. В., Ил Түмэҥҥэ үлэлиир М. Я. Попова, суруйааччылар А. А. Дмитриев, И. А. Дмитриев- Сиэн Чолбодук, продюсер А. Иванов, Ньурбачаан уҺуйаанын ситиһиилээхтик өр сыл салайбыт М. Г. Сидорова,чулуу хапсаҕайдьыт В.С. Константинов, суруналыыс М.В.Березин , Бассанова М.С.— Оһуокай Маайа уо. д. а ааттарынан оскуолабыт киэн туттар.
Дмитриева З. А. Дьокуускай куорат
Хаартыска: С.Г.Сидорова
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…