Ньурбачааҥҥа «Сүүтүк» түмсүү 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ

Share

Олоҕу уопсастыбанньыктар хамсаталлар, кинилэр нэһилиэк олоҕун дириҥ ис хоһооннууллар, киэргэтэллэр. 

Ньурба улууһун Ньурбачаан нэһилиэгин олохтооҕо Антонина Угапьева «Сүүтүк » уопсастыбаннай түмсүү 10 сыллаах айар үлэтин төгүрүк үбүлүөйүн туһунан  бу курдук кэпсээтэ:

Ньурба улууһун маастара Розалия Попова салайааччылаах  иистэнньэҥнэр «Сүүтүк түмсүүлэрин үбүлүөйүгэр ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар  Сүлэттэн, Чаппандаттан, Ньурба куораттан кэлэн, маастар-кылаастары ыыттылар, уопуттарын атастастылар.  «Сүүтүк» иистэнньэҥнэрэ үлэлэрин быыстапкатын туруордулар.

Кинилэр кыбытык паннону кулууппутугар бэлэх уунан үөртүлэр.  «Сүүтүк» 10 сыллаах үлэтэ  Ил Түмэн, Ньурба оройуонун култуураҕа салаатын, үлэлээбит тэрилтэлэрин кырааматаларынан, Махтал суруктарынан  бэлиэтэннэ. Үбүлүөй биир үөрүүлээх түгэнинэн, «Сүүтүк» көхтөөх актыбыыһа, иистэнньэҥ   Изабелла Попова «Ньурба оройуонун уус-уран оҥоһуктарын маастара»  анал бэлиэнэн наҕараадаланыыта буолла.  

Дьокуускай куораттан биир дойдулаахпыт М.С. Бассанова-Оһуокай Маарыйа бэйэтин сэмэй бэлэхтэрин ыытта. Ол курдук, кини Араассыыйаҕа  Дьиэ кэргэн сылынан нэһилиэк сис ыалыгар Варвара Давыдовна уонна Степан Никитич Тихоновтарга, элбэх оҕолоох Евдокия уонна Сергей Куприяновтарга сэмэй бэлэхтэрин анаабыт.  «Сүүтүк» түмсүү саамай аҕам саастаах иистэнньэҥэ Татьяна Кузьмина  «Почетный старейшина РС (Я)» анал бэлиэни тутта.

Үөрүүлээх тэрээһин кэнниттэн аны иистэнньэҥнэрбит талааннарын көрдөрдүлэр. Бу ырыалара-үҥкүүлэрэ элбэҕин, таҥастара-көстүүмнэрэ сиэдэрэйин — киһи көмүс тарбахтаах иистэнньэҥнэр диэн киэн туттуон туттар! Аны ол онон бүппэтэ — киирии билиэттэринэн «сүүтүктэр» бэйэлэрэ туруорбут сэмэй бэлэхтэринэн латырыайа оонньоттулар. Онон бу дьоро киэһэҕэ мустубут дьон өссө илии тутуурдаах дьиэлэригэр тарҕастылар. Бу курдук, күндү «Сүүтүк» түмсүү, өссө да элбэх төгүрүк үбүлүөйдэргин ыла тур дуу диэн алҕаатахпыт буоллун! 

What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

15 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

16 часов ago