Бу күннэргэ Ньурба улууһун Үөдэйигэр аныгылыы тутуулаах, сырдык киэҥ саҥа таас оскуола-уһуйаан үлэҕэ киирээри турар. Онон сибээстээн оскуола салалтата балаҕан ыйын 10 күнүттэн алтынньы 20 күнүгэр диэри дьиэ сибэккитин бэлэх уунар аахсыйаны тэрийдэ.
Бу туһунан нэһилиэк баһылыга Мария Николаева бу курдук иһитиннэрэр:
— Быйыл Үөдэйгэ оскуола аһыллыбыта 101 сылын бэлиэтиибит. Саҥа оскуола-уһуйаан дьиэтэ быйыл ахсынньыга үлэҕэ киириэхтээх. Билигин ис үлэтэ бара турар. Онон сибээстээн оскуола үлэһиттэрин кытта сибэкки арааһын хомуйар аахсыйаны тэрийбиппит.
Дьокуускай куораттан, улуус нэһилиэктэриттэн дьон эмиэ аахсыйаҕа кыттан сибэкки арааһын ыытан эрэллэр.
Оннооҕор мин Бүлүү педучилищетыгар бииргэ үөрэммит дьүөгэлэрим «биһиги ааппытыттан сибэккитэ атыылас» диэн харчы кыттыһан ыыппыттар.
... Ити курдук, бэртээхэй аахсыйаны ыытан, бу күннэргэ үлэҕэ киирэн эрэр Үөдэй оскуола-уһуйаанын үлэһиттэрэ оскуолаларын сибэкки арааһынан киэргэтэн эрэллэр.
Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…
Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"] Түмсүүнү оҕо…
Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…
Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…
Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…
Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…