Ньурба оройуонугар ыытыллар IX Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыгар бэлэмнэнэн Ньурбаҕа 3000 миэстэлээх стадион тутан саҕалаатылар. Стадион сылаас манежтаах уонна 500 миэстэлээх бассейннаах буолуоҕа.
«Ньурбаҕа успуорт эбийиэктэрин эрэ буолбакка, атын социальнай суолталаах үөрэх уонна доруобуйа эйгэлэрин эбийиэктэрин эмиэ тутуохтаахпыт. Билиҥҥитэ Саха сирин бырабыыталыстыбатын кытта ханнык саҥа эбийиэктэр үлэҕэ киириэхтээхтэрин чуолкайдыыбыт», — диэтэ Айсен Николаев.
Бүгүҥҥү күҥҥэ стадион олоҕун бэлэмнииллэр, тутуу матырыйаалларын атыылаһаллар. Быйыл эбийиэк көҥдөйүн бүтэриэхтээхтэр.Стадион 2027 сыл бастакы кыбаарталыгар үлэҕэ киирэрэ былааннанар.
Санатан суруйдахха, IX Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньуулара Ньурбаҕа 2027 сылга от ыйын 7-11 күннэригэр ыытыллар.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…