Ньурбаҕа халыҥ мууһу дэлби тэптэриэхтэрэ
Ыксаллаах быһыы-майгы Өлүөхүмэ уонна Ньурба улуустарыгар муниципальнай таһымҥа биллэриллэн, бу оройуоннарга тыҥааһыннаах кэм үүннэ.
— Өлүөхүмэ улууһун 1-кы Нөөрүктээйи уонна Кыыллаах нэһилиэктэригэр уу ыксаллаах таһымы куоһарбыта. Мууһу чарааһаппыттарын кэннэ уу кэлиитэ аччаабыта эрээри, Витим өрүстэн мууһа хамсаан, эмиэ элбэх уу ыга анньан кэллэ. Гидрологтар бэлиэтииллэринэн, балаһыанньа сотору көнүөхтээх.
Өлүөнэ өрүс билигин Хаҥалас улууһунан устар. Сиинэнэн, Кытыл Дьураанан, Саҥыйахтааҕынан муус хойуутук устар. Кутталлаах бэлиэтээһин суох.
Ньурба улууһугар муус харан, Дьаархан, Быһыттаах уонна Ньурба куората ууга барар кутталлаахтар. Онон халыҥ мууһу дэлби тэптэрэр сорук турар. Миэстэтигэр гидрологтар, быыһааччылар, дэлби тэптэрээччилэр (взрывники) бөлөхтөрө үлэлии барда. Кинилэри Быыһааччылар сулууспаларын салайааччыта Иннокентий Андросов салайан илдьэ барда, — диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Садовников бэйэтин телеграм-ханаалыгар сырдатта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: