Ньурбаҕа Кыайыы оһуохайын түһүлгэтэ түстэниэҕэ
Олунньу 21-22 күннэригэр Ньурба куоракка «Кыайыы көтөллөөх, өрөгөй Оһуохайа» диэн ааттаах улахан түһүлгэ ыытыллара былааннанар. Ол туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аар Дархан этээччитэ, Ньурба улууһун култуураҕа департаменын салайааччыта Розалия Тихонова кэпсээтэ:
— Бу сыл олунньу 21-22 күннэригэр киэҥ Ньурба киэлитигэр, оройуон киинигэр Улуу кыайыы 80-сыллаах үбүлүөйүнэн, Ийэ дойдуну көмүскээччилэр сылларынан хотуулаах хоннохтоох, хорсун хоодуот эр уоланнарбытыгар анаан, «Кыайыы көтөллөөх, өрөгөй Оһуохайа» ыраах-чугас сирдэртэн, ытык тыл ындыылаах, тохтор тойук төргүүлээх төбүрүөннээх түһүлгэни төрүттээччи эр хоһууттар, төлкө түөрэх түһэриэхтэрэ.
Бииртэн биир дохсун дьолуо үҥкүүлээхтэр, сытыы кылыс тыллаахтар, көччөх көтөр ырыалаахтар ыраас санааларын ыпсара Эркээйи эбэ эҥээриттэн, хоту дойду хонноҕуттан, Бүтэй Бүлүү биэрэгиттэн, суон сурахтаах Сунтаар, Ньурба ньургуннара мустан аҥардас оһуохай эрэ буолбакка, кэскиллээҕи кэрэһэлээн кэпсэтии, тускуллааҕы торумнаһыы, санааны атастаһыы былааннанар.
Туймаада Эбэ хотунтан саха оһуохайын сүрүн салайааччыта, бас-көс киһибит Александр Джурович Данилов-Дьулуур Хаан, Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай үнүстүтүүтүн норуот уус-уран култууратын кафедратын сэбиэдиссэйэ, доцент, филологическай билим хандьытаата Афанасьев Ньургун Вячеславович, Саха сирин Дархан, үтүөлээх этээччилэргэ уонна да атыттар кэлэллэрэ күүтүллэр.
Бу Оһуохай түһүлгэтин сүрүн сыала-соруга — үүнэр көлүөнэни, эдэр ыччаты Ийэ дойдуну таптыырга, бэриниилээх буоларга уһуйуу, олох үтүө үгэстэрин үйэтитии, сиэрдээх буолууну иҥэрии. Өйдөөн-санаан ааһыахпыт: Иванов Никифор Григорьевич-Һыҕаан, Степанов Николай Семенович-Хара Ньукуу, Тимофеев Семен Николаевич-Сыччыкы Сэмэн, Степанов Василий Васильевич-Хомпуоһап Баһылай курдук уо.д.а. Улуу кыайыыны уһансыбыт, дьоллоох олох оҥкулун олохсуппут ытык оһуохайдьыт убайдарбытын.
Дьэ, бу курдук Айыыһыт сылыгар, Одун Хаан ыйыгар одун хаантан оҥоһуубутун, чыҥыс хаантан ыйаахпытын санаа хоту сааһылаан, ыра хоту ыпсаран ааһыахпыт!
Александр Дьулуур Хаан, Оһуохай түмсүү салайааччыта:
— Бастатан туран, Ньурба улууһун аҕа баһылыгар Алексей Михайлович Иннокентьевка, дьахталларга Саха сиригэр бастакы Аар Дархан этээччи аатын сүкпүт, биһиги түмсүүбүт биир тутаах кыттааччытыгар, Ньурба улууһун култуураҕа департаменын салайааччытыгар Розалия Михайловна Тихоноваҕа оһуохай хамсааһын сайдарыгар күүстээх үлэни ыыта сылдьалларыгар улахан махталбытын тиэрдэбит! Бары биир санаанан маннык үтүө Кыайыы Оһуохайын түһүлгэтигэр көхтөөх кыттыыны ылыаххайыҥ диэн ыҥырабыт!
Дмитрий ОКОНЕШНИКОВ-Сулусхан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: