Ньурбаҕа матасыыкыллаахтар эчэйдилэр
11.08.2023, 16:15
Хаартыска ИДьМ госавтоиниспиэксийэтин Саха сиринээҕи управлениетыттан
Бөлөххө киир:
Ньурба улууһугар матасыыкылы ыыта сылдьар улаатан эрэр оҕо уонна атын матасыыкылга олорсо сылдьааччы пассажир суол быһылааныгар эчэйдилэр.
Атырдьах ыйын 8 күнүгэр 23:00 чаас диэки Аканаттан биир км тэчиййи «Тоһукай» диэн сиргэ суол быһылаана тахсыбыт.
«Regulmoto SK200 GY-5» регистрацията суох матасыыкыллаах оҕо (2007 с.т.) дистанцияны тутуспакка, турар «Racer Motorcycle» эмиэ регистрацията суох матасыыкылга кэтиллибит.
Ол түмүгэр, балыыһаҕа икки киһи эчэйэн киирбит: «Racer Motorcycle» матасыыкылга олорсон иһээччи уонна сааһын ситэ илик мотоциклист.
Сааһын ситэ илик оҕо ИДьМ Госавтоиниспиэксийэтин Саха сиринээҕи управлениетынан, бэҕэһээ санитарнай рейсинэн Дьокуускайга доруобуйатын туругун бэрэбиэркэлииргэ уонна эмтэнэргэ аҕалыллыбыт.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: