Ньурбаҕа минньигэс дьөрбөнү үүннэрэр кыыс
Бэйэ дьыалатын тэриниэн баҕалаахтарга социальнай хантараак өҥөтө баар. Бу өҥөнөн туһанан улуустарга, куораттарга дьон бэйэ дьыалатын тэринэн үлэ миэстэтин арыйан, дохуот киллэринэр кыахтанар.
Ньурба улууһугар сибэкки солуонун арыйан үлэлэтэр эдэркээн Евгения Спиридонова туһунан билэр дьоммуттан истибитим. Бырааһынньык, ол-бу тэрээһин буолла даҕаны, тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн кини солуонуттан ылаллар эбит. Бэйэтэ үүннэрбит клубникаларыттан минньигэс дьөрбөлөрү эмиэ оҥорон атыылыыр. Бүгүн Евгенияны кытта кэпсэтиибин билиһиннэрэбин.
Уйулҕабытын уоскутаары ылсыбыт дьыалабыт
– Төрөөбүт сирим Ньурба улууһун Хаҥалас, иккис аатынан Ынахсыт нэһилиэгэ буолар. Алын сүһүөх оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына, дьиэ кэргэнинэн бары Ньурбаҕа көһөн киирбиппит. Биһиги бииргэ төрөөбүттэр төрдүөбүт, мин ыал үһүс кыыһа буолабын, икки эдьиийдээхпин уонна бырааттаахпын. Аҕам Георгий Ефимович Спиридонов Ньурбаҕа атах таҥаһын өрөмүөнүнэн, этэрбэс улларыытынан дьарыктанар бастакы чааһынай маастар этэ. Аҕам барахсан 2020 сыллаахха олохтон туораабыта. Ийэм Наталья Никитична ОДьКХ-ҕа инженер-теплотехнигынан үлэлиир. Биһиги аҕабытын сүтэрэн баран, дууһабыт наһаа кураанахсыйбыта. Биир киэһэ ийэбин кытта чэйдии олорон, тугунан эрэ дьарыктаныахха наада эбит диэн толкуйдаабыппыт. Бу толкуйбут сүрүн соруга уйулҕабытын уоскутуу, истириэстэн босхолонуу курдук этэ. Ити иннинэ мин Екатеринбург куоракка олорор биир дойдулаахпыт, сибэккинэн араас дьөрбөлөрү оҥоруунан дьарыктанар кыыс үлэлэрин көрөн ымсыыра саныырым. Онон флористика салаатыгар бастакы хардыыларым кини үлэлэриттэн ылбыт иэйиилэрбиттэн кынаттанан үөскээбит идиэйэ да диэххэ сөп. Аҕам олохтон туораабыта икки ый буолбутун кэннэ бу дьыалаҕа ылсыбыппыт.
Балаҕан ыйын 10 күнэ – бу күн биһиги, Спиридоновтар дьиэ кэргэн, төрүттэммит күммүт эбит. Ийэм фруктаттан уонна эриэхэттэн оҥорбут бастакы дьөрбөлөрүн биллэриигэ таһаараатын кытта, тута атыыласпыттара. Төрөппүттэрим ыал буолбут бэлиэ күннэригэр оруобуна үлэбит саҕаламмыта эмиэ дьикти этэ. Дьэ, ол күнтэн сиэниллэр дьөрбөлөр диэни оҥорон саҕалаабыппыт. Социальнай хантараак, туох эбит көмө баарын туһунан билбэт этим. Оҥоро-оҥоро атыылаан, ити курдук үлэлии сылдьыбыппыт. Онтон социальнайдар бэйэ дьыалатын тэриниигэ маннык бырагыраама баарын туһунан сырдаппыттар этэ. Ону ааҕан баран олус сэргээбитим.
Икки сыл ааспытын кэннэ ити социальнай хантараакка бэйэбин тургутан көрөргө санаммытым. Бырайыак суруйан көмүскээбит күнүм наһаа долгутуулаах этэ. Оччолорго оҥоһуллар көмө 250 тыһ. солк. этэ. Холодильник, сибэкки тутар тэриллэри, суулуур кумааҕылары, салапааннары, сибэккилэри сыыйа атыылаһан үлэбит саҕаламмыта. Онон бэйэ дьыалатын тэриниигэ тирэх буолбут социальнай көмүскэл управлениетыгар махтана эрэ саныыбыт.
Клубника үүннэрэргэ сананыы
– 2022 cыл Ньурба улууһугар Көҕүлээһин сылынан биллэриллибитэ. Олохтоох дьаһалта нэһилиэнньэҕэ көмө олохтообута. Бырайыак суруйан баран хамыыһыйа иннигэр көмүскээһин диэн баара. Номнуо социальнай хантараак ылаары биисинэс-былаан көмүскээн уопутурбут киһи бу дьыалаҕа хорсуннук ылсарга быһаарыммытым. Онуоха ийэм төһүү күүс, сүбэ-ама буолбута. Ийэбин кытта сайыҥҥы кэмҥэ клубниканы олордуу, үүннэрии туһунан толкуйдаабыппыт. Клубникаттан оҥоһуллар букеттар олус кэрэлэр уонна минньигэстэр. Оттон хас сырыы аайы куораттан сакаастыыр ороскуоттаах даҕаны уонна айана да уһун. Ол иһин клубниканы үүннэрии, тэпилииссэ туттуу бырайыагын толкуйдаан көмүскээбитим. Онно 400 тыһ. солк. көмө ылан, дьиэбит таһыгар биир дойдулаахтарбытын көмөлөһүннэрэн 15х7 миэтэрэ иэннээх тэпилииссэ туттарбыппыт. Клубника үс суордун Дьокуускайтан сакаастаан, уопсайа 500 угу ыам ыйыгар олордубуппут. Үс ый кэннэ бастакы астарын ылбыппыт. Дьиктитэ баар, халлаан тымныйдаҕына, ордук бөдөҥ, өлгөм аһылыгы биэрэр эбит.Төһөлөөх үөрбүппүт буолуой? Биллэн турар, үгүс үлэни, сыраны көрсүбүппүт. Анал холодильниктаахпыт. Хомуллубут клубникабыт +6 кыраадыска үс-түөрт күн сытар, туох да буолбат.
Маастар-кылаастарга уонна куурустарга сылдьан билии эбиммитим. Ютубу көрөн, соҕуруу элбэх куораттарга сылдьан санаа атастаһан, сүбэ ылбытым. Клубникаларбытынан араас букеттары оҥорон атыылаан саҕалаабыппыт. Бу биһиги улууспутугар саҥа хайысха этэ, соҕотох солуон буолан, сакаас бөҕө киирбитэ. Тоҕо диэтэххэ, үгүстэр тыыннаах сибэккини эрэ атыылыыллара. Социальнай хантараак ылан баран бастаан утаа эриэхэттэн, фрукталартан оҥорон саҕалаабыппыт. Былааммыт элбэх. Ол курдук инникитин клубниканы сылы эргиччи үүннэриэхпитин баҕарабыт. «Саюрилар» курдук кыһыннары үүннэрэр биһиэхэ тоҕо кыаллыа суохтааҕый? Бу ылбыт көмөлөрбүт барыта үтүө түмүктээхтэриттэн үөрэбит. Хаачыстыбаҕа уонна салгыы сайдарга үлэлиибит.
Ылсыбыт дьыалабын тиһэҕэр тиэрдэрбин сөбүлүүбүн
– Биһиги уруккуттан сибэккигэ сыһыаннаах этибит. Тиэргэммит барыта бэйэ олордуута сибэкки буолааччы. Тугу гыммыппыт барыта сибэккигэ тиийэ турааччы. Фомеранынан эҥин бэйэ оҥоһугун оҥорор да буоллахха, өрүү сибэккини оҥорор эбиппит. Аан бастаан сибэккибит солуонун арыйан үлэлэтэрбитигэр уустуктары көрсүбүппүт. Кууһунан атыылыыр дьоммутун буларбытыгар, сибээс олохтооһуҥҥа суол-иис хаайтарыыта кыра харгыстары үөскэппитэ. Ол эрээри ылсыбыт дьыалабытын тиһэҕэр тиэрдэн тэйэр майгыбыт көмөлөспүтэ.
Ньурбаҕа күн ахсын араас тэрээһин буолар. Дьон бырааһынньыгын киэргэтиэхтээхпит диэн соруктаах үлэлиибит. Сарсыарда 10 чаастан түүн 12.00 чааска диэри үлэлиибит. Солуоммут дьиэбит тиэргэнигэр баар. Билигин Ньурба куорат киинигэр миэстэ көрдүүбүн. Ньурба дьаһалтатыгар хаста да бара сырыттым, ол эрээри билиҥҥитэ быһаарылла илик. Маҕаһыыммытын соторутааҕыта арынныбыт. 2023 сылга тутуута саҕаламмыта уонна бу сыл кулун тутарга саҥа киирдибит. Үс сыл устата кыра мастарыскыайга оҥорон атыылыыр этибит. Дьэ, сибэкки маҕаһыына диэн буоллубут. Билигин үлэһиттэри ылыыга уустуктары көрсө сылдьабын. Эппиэтинэстээх уонна баҕалаах үлэһиттэри булуу ыарахаттардаах.
Ньурбаҕа биисинэс эйгэтэ сайдыылаах диэн бэлиэтиэм этэ. Биһигини кытта аахтахха, улууска түөрт сибэкки маҕаһыына баар. Биһиги отонноох, эриэхэлээх, клубникалаах, сакалааттаах уонна тыыннаах сибэкки дьөрбөлөрүн атыылыыбыт. Сибэккилэрбитин барытын Дьокуускайтан атыылаһар этибит. Билигин Москваттан сакаастыыбыт, Дьокуускайга көтөн кэллэ да таксыы булан Ньурбаҕа аҕалтарабын. Манна хаһан даҕаны аҕалыллыбатах араас көрүҥ сибэккилэри сакаастыыбыт. Кэлэн көрөөт талан ылалларын курдук бэлэм сибэкки дьөрбөлөрүн эмиэ оҥоробут. Хайысхабытын салгыы кэҥэтэр санаалаахпыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: