Салгыы
Ньурбаҕа оһуохайы оройуттан туттулар

Ньурбаҕа оһуохайы оройуттан туттулар

08.10.2024, 15:20
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Ньурба улууһугар  Олоҥхо дьиэтигэр оһуохайы сэҥээрээччилэргэ анаан,  аҕа саастаахтар күннэрин чэрчитинэн «Ойдоруулаах оһуохайы оройуттан тутуохха» диэн оһуохай түһүлгэтэ төрүттэннэ.

Тэрээһин туһунан Саха сирин Аар Дархан этээччитэ, Ил Дархан стипендиата, Ньурба улууһун култуураҕа управлениетын  салайааччыта Розалия Тихонова сырдатта:

-Ньурба оройуонун хомоҕой тыллаах  ытык дьоно  дойдубутун көмүскүү сылдьар уолаттарбыт кыайыы көтөллөөх дойдуларыгар төннөллөрүгэр уран тылы оһуордаан, баай сахабыт тылынан Үөһээ үрдүк Айыыларбытыттан көрдөһөн-ааттаһан,  этэр тыл эгэлгэтин, үҥэр тыл үгүһүн эттилэр.
Олоҥхо дьиэтэ ис өттө бэйэ күүһүнэн өрөмүөннэнэн, ырааһыран, сырдаан, ыалдьыттары үөрэ-көтө көрүстэ.
Аал уоту оттон, алгыстаах алаадьы астаан, дыргыл сытынан Оһуохай түһүлгэтин төрүттээтибит! Көхпүтүн холбооммут, оһуохайбытын оонньоотубут, эһиэхэйбитин элбэттибит!
Ытык дьоммут мааны куоластарын, ымыылаах ырыаларын, тэтимнээх үҥкүүлэрин көрөн дуоһуйа сынньанныбыт, астынныбыт!

Барыта 50 тахса киһи кэлэн ытык-мааны ыалдьыт буолла. Оһуохайы күүстээх куоластаах Дмитрий Колесов, СӨ үтүөлээх этээччитэ  Прокопий Фёдоров, Ньурбатааҕы көһө сылдьар  тыйаатыр артыыһа Дмитрий Слепцов, Дьиикимдэтээҕи Норуот айымньытын дьиэтин  дириэктэрэ Виолетта Попова, оһуохайы өрө туппут Туйаара Саввинова, саҥа этэн эрэр оҕобут Кэрэ Куо Архан уонна СӨ Аар Дархан этээччитэ Розалия Тихонова таһаардылар. Сынньалаҥҥа ырыаһыттар: СӨ култууратын туйгуннара Розалия Тартакынова, Дора Бурнашева, Чаппандаттан «Эйээрэ» ансаамбыл салайааччыта  Саргылана Мартынова, ырыа айааччы Гаврил Монастырев, талааннаах күтүөппүт Адыл Искаков ылбаҕайдык ыллаан аастылар, хоһоонньуттар хоммут уостарын хоҥнордулар.  Ил Дархан стипендиата Владимир Иванович Саввинов мустубут дьоҥҥо туһаайан,  Сергей Зверев-Кыыл Уола Ньурба пааркатыгар оһуохай таһаарбытын кэпсээтэ, Валентина Давыдовна Федорова ааспыт үйэ хомоҕой тыллаахтарын ахтан санаан ааста.

Маннык тэрээһиннэр Ньурба улууһун Оһуохай түмсүүтүн көҕүлээһининэн ыытыллаллар. Сыл устата былаан ылыллан,  тэрээһиннэр бэрт сэргэхтик,  көхтөөхтүк ааһаллар.
Түмүкпэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Оһуохай түмсүүбүтүгэр биһиги ыытар тэрээһиннэрбитигэр өйөбүл буолалларыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит!
Маны таһынан, Олоҥхобут дьиэтигэр сиэр-туом, ыраастаныы, арчыланыы тиһигин быспакка тэриллэр.
Ол курдук, бэҕэһээ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр алгыс ыытылынна.

Дмитрий ОКОНЕШНИКОВ-СУЛУСХАН

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: