Ньурбаҕа оскуола-уһуйаан саҥа дьиэтэ аһылынна
23.02.2024, 13:30
Хаартыска: https://t.me/glavanyurbainnokentev
Бөлөххө киир:
Бэҕэһээ Ньурба улууһугар Үөдэйгэ 10/25 миэстэлээх оскуола-уһуйаан үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
2019 сыл от ыйыгар бастакы сыбаайата түспүтэ. Тутууну «Нюрбаавтодор» ХЭТ саҕалаабыта, 2021 с. «Туйгун-проект» ХЭТ оскуола-уһуйаан эбии бырайыагын оҥорбута. 2022 с. «Масстрой» ХЭТ үлэни сөргүтэн бастакы түһүмэҕин түмүктээбитэ.
— Түмсүүлээх Үөдэй нэһилиэгин олохтоохторо бары саба түһэн, бэрт тупсаҕай оскуола-уһуйааны арыйдыбыт. Үөрүүлээх тэрээһиннэрбитигэр СӨ ситэриилээх былааһын отчуотугар кэлбит салалта толору састаабынан кытынна, — диэн улуус баһылыга Алексей Иннокентьев иһитиннэрдэ.
+1
2
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: