Ньурбаҕа саҥа кинигэ сүрэхтэннэ
Кэнники сылларга прозаҕа айымньылаахтык, дириҥ хорутуулаахтык үлэлээн ааҕааччы сэҥээриитин ылбыт прозаик, СӨ үөрэҕириитин уонна култууратын туйгуна Василий Гоголев-Уйулҕан “Хаҥаластан хааннаахтар. Тигиилээхтэн төрүттээхтэр. Уһун Дьуона “ историческай арамаана Ньурба сиригэр-уотугар сүрэхтэннэ.
Киин бибилэтиэкэ саалатыгар тобус толору мустубут дьон төрөөбүт улуустарын төрдүнэн-ууһунан буолбут, силис-мутук тардыммыт өбүгэлэрин олоҕун уус-уран айымньыга киэҥник хабан сырдатар айымньы сүрэхтэнэр үтүө күнүн өрө көтөҕүллүүлээхтик, үөрэ, долгуйа көрүстүлэр.
Кинигэни сүрэхтии тиийбит ааптар, суруйааччы Василий Гоголев-Уйулҕан, “Айар “ кинигэ национальнай кыһатын дириэктэрэ Август Егоров, дириэктэри солбуйааччы Валерий Луковцев, философия билимин доктора Андрей Саввинов кинигэ туһунан билиһиннэрэн кэпсээтилэр.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр Ньурба улууһун баһылыга А.М. Иннокентьев, улуус мунньаҕын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ С. И. Евсеев, улуус култууратын департаменын салайааччы Р. М. Тихонова кыттыыны ыллылар, айымньы ааптарыгар Василий Гоголев-Уйулҕаҥҥа эҕэрдэ суруктары туттардылар.
“Улууспут тэриллибитэ үрдүк үбүлүөйдээх түгэнин көрсө баар буолбут бу айымньы үбүлүөйдээх тэрээһиннэрбитигэр бигэ төһүүнэн буолуоҕа. Аҕа дойду көмүскээһинигэр ыччаты патриотическай өйгө-санааҕа иитиигэ саамай наадалаах кэмҥэ тахсыбытынан эмиэ суолтата улахан», — диэн бэлиэтээтэ улуус аҕа баһылыга. Нэһилиэктэр баһылыктара, ааҕааччылар кинигэ туһунан санааларын үллэһиннилэр. Кинигэ ааптарыттан илии баттааһыннаах автограф ылан үөрдүлэр-көттүлэр.
Бу күн сарсыарда өттүгэр “Айар “ кинигэ кыһатын дэлэгээссийэтэ Малдьаҕар ытык сиригэр, саха норуотун номох буолбут дьоруойа Манчаары Баһылай көмүс уҥуоҕа көтөҕүллүбүт алааһыгар тиийэн, пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда. Малдьаҕар орто оскуолатын дириэктэрэ, Манчаарыны үйэтитиигэ элбэх былааннардаах Виталий Федотов умсугутуулаах экскурсияны оҥордо.
Галина НЕЛЬБИСОВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: