Ньурба улууһугар Ийэ сылыгар 120 саҥа төрөөбүт оҕоҕо “Мин Ньурбаҕа төрөөбүтүм” диэн бэлэхтэри туттардылар. Ону тэҥэ, Хатыы сэлиэнньэтигэр “Ийэҕэ махтал” сквер арылынна.
Кулун тутар ыйтан саҕалаан, саҥа төрөөбүт оҕолорго “100 сыл оҕолоро” хапытаалы сэргэ “Мин Ньурбаҕа төрөөбүтүм” бэлэх нобуордары туттарар буолбуттара. Нобуорга саҥа төрөөбүт оҕоҕо наадалаах маллар: суорҕан, бытыылка, электроннай термометр, погремушка оонньуур, утуйар таҥас, пеленка-кокон, контейнер, пустышка, ниблер, тиис тахсарыгар көмөлөөх оонньуур, оҕо докумуоннарын харайар паапка бааллар.
Бырайыагы “Арассыыйа ийэлэрэ” уопсастыбаннай хамсааһын Ньурбатааҕы салаатын бэрэссэдээтэлэ Саргылаана Седалищева көҕүлээбитэ. Бэлэх саҥа төрөөбүт оҕолор төрөппүттэригэр барыларыгар, дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга суох, бэриллэр.
Кэлэр сылга Ньурба улууһугар хас да Ийэ скверэ арыллыаҕа.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…