Ньурбаҕа ууну ыраастыыр ыстаансыйа тутуллуоҕа

Share

Ньурба дьонун-сэргэтин ыраас уунан хааччыйыыга улахан хардыы оҥоһулунна.

— Дойду Аҕа баһылыга В.В.Путин көҕүлээһининэн олоххо киллэриллэр “Ыраас уу”  бырайыагынан  Ньурба куоракка Вертолетка микро-оройуонугар сууккаҕа 1200 м3 ууну хостоон ыраастыыр ыстаансыйа бастакы  сыбаайатын түһэрдибит. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ «АЛРОСА» АК Кэтээн көрөр сэбиэтин чилиэнэ Николай Бурнашев, мэр Геннадий Игнатьев, СӨ ОДьКХ энергэтиичэскэй ресурсалар көдьүүстээх буолууларыгар уонна  административнай үлэҕэ департаменын салайааччыта Айсен Кирсанов, ОДьКХ филиалын салайааччылара, “Сибтрансстрой” ХЭТ гендириэктэрэ Владислав Петров кытыннылар. “Сибтрансстрой” ХЭТ быйыл бүтэрэн үлэҕэ киллэриэхтээх. 5 км уу ситимин устун ыраастаммыт уу куорат олохтоохторугар барыахтаах. Эһиилгитттэн  иккис түһүмэххэ федеральнай бырагыраамаҕа киирсэн куоракка «кольцевой” уу систимэ тардыллан ыраас уунан хааччыллыахтаах. Инникитин ыраас ууну Антоновкаҕа эмиэ тиэрдэргэ былаанныыбыт. Маннык баараҕай бырайыакка киирбиппититтэн улаханнык үөрэбит, дойду, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар, Ил Дархан Айсен Сергеевичкэ махталбытын тиэрдэбит, — диэн улуус баһылыга Алексей Иннокентьев телеграмыгар иһитиннэрдэ.

Хаартыска: https://t.me/MP_NRB
What’s your Reaction?
+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус-Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

2 часа ago