Ньурбаҕа үс кинигэ сүрэхтэннэ
“Киһи бэйэтин олоҕун дьиэ кэргэнигэр, төрөөбүт дойдутун, улууһун дьонугар аныахтаах, кинилэр тустарыгар олоруохтаах, оччоҕуна эрэ киһи бэйэтин олоҕор ситиһиилээх буолар…”
(Николаев Б.Г. – Марха Уола).
Борис Григорьевич Николаев – Марха Уола Ньурба улууһугар Мархаҕа (Хатыҥ Сыһыыга) 1960 сыллаахха төрөөбүтэ уонна Хорула, Маар, Марха оскуолаларыгар үөрэммитэ. СГУ-ка тутуу инженерин идэтин баһылаан, биэнсийэҕэ тахсыар диэри дьиэ-уот тутуутугар маастарынан, прорабынан, инженеринэн, сметчигинэн араас тэрилтэлэргэ үлэлээбитэ. Билигин Дьокуускай куоракка олохсуйан олорор. Марха (Ньурба) улууһа тэриллибитэ 200 сылыгар анаммыт ыһыахтарын күннэригэр Николаев Борис Григорьевич – Марха Уола анаан-минээн үс кинигэтин: “Олох суола. Үөрэх”, “Мои воспоминания”, “Талыллыбыт тылбаастар” – Хорула, Ньурба, Марха, Маар олохтоохторугар билиһиннэрдэ.
Борис Григорьевич Николаев – Марха Уола бастакы кинигэтэ “Олох суола. Үөрэх” диэн 2020 сыллаахха “Көмүөл” кинигэ кыһатыгар 176 сирэйинэн бэчээттэнэн тахсыбыта уонна тапталлаах аҕатын Григорий Григорьевич Николаев сырдык кэриэһигэр анаммыт. Кинигэҕэ ааптар 1960 сылтан 1985 сылга диэри дьоһуннук олорон ааспыт олоҕун, ситиһиилээх үөрэҕин, таһаарыылаах үлэтин, төрдүн-ууһун, дьиэ кэргэнин, аймахтарын уонна доҕотторун туһунан дьонугар-сэргэтигэр, ыччаттарыгар анаан хомоҕой тылынан сиһилии суруйбут уонна сэбиэскэй кэминээҕи олох сайдыыта олус тиийимтиэтик сырдатыллыбыт. Ону тэҥэ Марха (Ньурба) улууһун устуоруйата, Саха норуотун дьылҕатын устуоруйата XVII үйэ бастакы аҥарыттан саҕалаан, “тигиилээх сирэйдээхтэр” Хорула сиригэр-уотугар Сабыыланан, Сайылык түөлбэтинэн, Наҕаанынан, Төбүрүөнүнэн олоро сылдьыбыттарын, Хорула нэһилиэгин тэриллиитин Николай II ыраахтааҕы ыйааҕар суруллубутун туһунан ааҕыахха сөп.
“…Норуокка киэҥник биллибит биир киһинэн Хатыҥ Сыһыыга, Хоһой арыытыгар олорбут Бүөтүр Силэпсиэп (Пётр Филиппович Слепцов) диэн сытыы-хотуу киһи буолар. Архыып докумуоннарыгар суруллубутунан, кини 1812 сыллаахха Дьаархан нэһилиэгэр кинээстии (1822 сылтан бу дуоһунас “ыстаарыста” диэн ааттаммыта) сылдьыбыт. Бүөтүр Силэпсиэп дьон иннигэр оҥорбут биллэр үтүөлэринэн буруйдаахтары таһыйар сокуону уураттарыыга, ыраахтааҕы төлөбүрүн сирэйинэн оҥотторууга уонна кылааһынан арааран сири түҥэтиини бэрээдэктээһиҥҥэ кыттыы буолар, эбиитин кини Бүлүү уокуругун улуустарга, нэһилиэктэргэ араартааһыҥҥа эмиэ үлэлэспит.
1824 сыллаахха Бүөтүр Силэпсиэп (Дьондоор кулуба) Марха улууһун бастакы кулубатынан бигэргэтиллибитэ…”
Ааптар иккис кинигэтэ “Мои воспоминания” (Мин ахтыыларым) диэн нууччалыы тылынан тахсыбыта уонна тапталлаах ийэтин Дария Петровна Николаева сырдык кэриэһигэр анаммыт. Манна кини үнүбэрситиэккэ үөрэммит сылларын, бииргэ үөрэммит табаарыстарын, үөрэппит учууталларын туһунан бэйэтин ахтыыларын сэттэ түһүмэххэ суруйан киллэрбит. Кинигэ кэрэ айылҕа ойуулаах (ааптар бэйэтин уруһуйа) халыҥ тастаах, 293 сирэйдээх, бэйэтин архыыбыттан үчүгэй хаачыстыбалаах хаартыскалардаах “Дани-Алмас” кинигэ кыһатыгар 2022 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыта.
Б.Г. Николаев – Марха Уола үһүс кинигэтэ “Талыллыбыт тылбаастар” диэн кинигэтэ эмиэ “Дани-Алмас” кинигэ кыһатыгар 2023 сыллаахха бэчээттэммитэ уонна ааптар кинигэтин тапталлаах кэргэнигэр Анна Егоровна Николаеваҕа анаабыт. Тылбаастаабыт дьоно Аан дойду албан ааттаахтара: Алигьери Дантеттэн саҕалаан биллиилээх омук поэттара И.В. фон Гёте, Ф. Шиллер, нуучча улуукан поэттара А.С. Пушкин, М.Ю. Лермонтов, Арассыыйа бастыҥ учуонайа, поэт, художник, историк М.В. Ломоносов, нуучча поэзиятын Үрүҥ көмүс үйэтин талааннаах поэттара Николай Гумилёв, Марина Цветаева, Сергей Есенин уо.д.а. Кинигэҕэ барыта 50 поэт 244 хоһоонноро тылбаастанан киирбиттэр.
Кинигэлэр сүрэхтэниилэрин кэмигэр Николаев Б.Г. Марха орто оскуолатыгар үөрэппит учууталын Иннокентьев Иван Николаевиһы, Маарга бииргэ үөрэммит доҕотторун кытта ирэ-хоро кэпсэттэ. Хорулаҕа маҥнайгы учууталын Иннокентьева (Чочанова) Варвара Титовналыын көрсөн, оскуолатааҕы бииргэ үөрэммит сылларын олус истиҥник ахтан-санаан аастылар. Нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо Иннокентьев Алексей Александрович, Иванов Василий Семёнович ааптар Борис Григорьевич төрөппүттэрин Григорий Григорьевич уонна Дария Петровна Николаевтары истиҥ-иһирэх тылларынан аҕыннылар уонна аймахтарын аатыттан Кононова Варвара Даниловна эҕэрдэлээн, сэмэй бэлэҕин туттарда.
Ньурбаҕа кинигэлэр сүрэхтэниилэригэр Ф.Г. Сафронов аатынан бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Борис Григорьевич тылбаастаабыт хоһооннорун аахпыттара мустубут дьон сэҥээриитин ылла. “Ньурба уоттара” литературнай түмсүүттэн Пономарёв Д.Н. — Дьолуолаах, Моякунова Е.И. – Кучу, Шестаков Т.И. – Чоххуруос, Сельтюкова А.Р. – Айаалла, Федотова В.Д. — Алгыстаана, ытык ааҕааччыларбыт Петрова С.Г., Николаев И.И., Тимофеев В.И., Алексеев А.Е. уо.д.а. бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр. Борис Григорьевичка “тулхадыйбат доруобуйаны, үгүс үтүмэн үөрүүнү, айар талаанын аартыга уһуннук тыргылла туруохтун” диэн сахалыы сайаҕас тылынан алгыс бастыҥын анаатылар.
Истиҥ-иһирэх көрсүһүү уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ.
Елена Софронова,
Ф.Г. Сафронов аатынан Ньурба улууһун Киин бибилэтиэкэтин бибилэтиэкэрэ.
Хаартыскаҕа: Кинигэлэри сүрэхтээһин кыттыылаахтара Николаев Б.Г. – Марха Уолун кытта Ньурба улууһун Киин бибилэтиэкэтигэр көрсүһүү кэмигэр.
Ааптар түһэриитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: