Ньурбаҕа ууну ыраастыыр ыстаансыйа тутуллуоҕа
Саха сиригэр «Ыраас уу» эрэгийиэннээҕи бырагыраама үлэлиир. Вице-премьер Дмитрий Садовников этэринэн, Ньурба куоратыгар ууну ыраастыыр эбийиэк тутуллуоҕа.
Ол курдук, бастакы түһүмэххэ уу скважиналара, ыраастыыр уонна носуостаах ыстаансыйалар, ону тэҥэ, иккис түһүмэххэ куоракка тиэрдэр ситимэ тутуллуохтара. Бырайыагын-симиэтэтин докумуона судаарыстыбаннай эспэртиисэтин ааста, сотору кэминэн бэдэрээтчиккэ куонкурус биллэриэхтэрэ. Ньурбаҕа 10 тыһыынчаттан тахса киһи олорор. Олохтоохтор улахан аҥаардара бытыылкалаах ууну сакаастаан аҕалтараллар, кыһынын муус уутун иһэллэр. Бу эбийиэктэр киирдэхтэринэ, кыһыннары-сайыннары ыраас ууну иһиэхтэрин сөп.
Саха сиригэр «Ыраас уу» бырагыраама чэрчитинэн, 8 бырайыак үлэлиир. Сотору кэминэн Амма, Сунтаар, Бэрдьигэстээх сэлиэнньэлэригэр ууну мунньар забор уонна ыраастыыр ыстаансыйалар тутуллан, үлэҕэ киириэхтэрэ. 2024 сылга өссө 5 эбийиэк киириэҕэ — Хаҥалас Бэстээҕэр, Амма Алтаныгар, Ньурба куоракка, Өлүөхүмэ куоракка, Баатаҕайга.
«Ыраас уу» бырагыраама «Жилье и городская среда» национальнай бырайыак чэрчиинэн, федеральнай киин көмөтүнэн үбүлэнэр.
Бу иннинэ ууну ыраастыыр ыстаансыйалар Өлүөхүмэ уонна Покровскай куоракка тутуллубуттара. Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр уонна бу улуус Андреевское бөһүөлэгэр носуостаах ыстаансыйа тутуллубуттара. Бу 4 эбийиэк 30 тыһыынчаттан тахса киһини ыраас уунан хааччыйбыта.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: