Ньурбаҕа ууну ыраастыыр ыстаансыйа тутуллуоҕа

Share

Саха сиригэр «Ыраас уу» эрэгийиэннээҕи бырагыраама үлэлиир. Вице-премьер Дмитрий Садовников этэринэн, Ньурба куоратыгар ууну ыраастыыр эбийиэк тутуллуоҕа.

Ол курдук, бастакы түһүмэххэ уу скважиналара, ыраастыыр уонна носуостаах ыстаансыйалар, ону тэҥэ, иккис түһүмэххэ куоракка тиэрдэр ситимэ тутуллуохтара. Бырайыагын-симиэтэтин докумуона судаарыстыбаннай эспэртиисэтин ааста, сотору кэминэн бэдэрээтчиккэ куонкурус биллэриэхтэрэ. Ньурбаҕа 10 тыһыынчаттан тахса киһи олорор. Олохтоохтор улахан аҥаардара бытыылкалаах ууну сакаастаан аҕалтараллар, кыһынын муус уутун иһэллэр. Бу эбийиэктэр киирдэхтэринэ, кыһыннары-сайыннары ыраас ууну иһиэхтэрин сөп.

Саха сиригэр «Ыраас уу» бырагыраама чэрчитинэн, 8 бырайыак үлэлиир. Сотору кэминэн Амма, Сунтаар, Бэрдьигэстээх сэлиэнньэлэригэр ууну  мунньар забор уонна ыраастыыр ыстаансыйалар тутуллан, үлэҕэ киириэхтэрэ. 2024 сылга өссө 5 эбийиэк киириэҕэ — Хаҥалас Бэстээҕэр, Амма Алтаныгар, Ньурба куоракка, Өлүөхүмэ куоракка, Баатаҕайга.

«Ыраас уу» бырагыраама «Жилье и городская среда» национальнай бырайыак чэрчиинэн, федеральнай киин көмөтүнэн үбүлэнэр.

Бу иннинэ ууну ыраастыыр ыстаансыйалар Өлүөхүмэ уонна Покровскай куоракка тутуллубуттара. Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр уонна бу улуус Андреевское бөһүөлэгэр носуостаах ыстаансыйа тутуллубуттара. Бу 4 эбийиэк 30 тыһыынчаттан тахса киһини ыраас уунан хааччыйбыта.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус-Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

44 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

2 часа ago