Ньурбалар кымыс иһиитин сиэрин-туомун көрдөрдүлэр

Share

Үрүҥ тунах ыһыахха күнү көрсүү сиэрэ-туома 1990‑с сыллартан К.Д.  Уткин сценарийынан сөргүтүллэн  үгэскэ кубулуйда. Онон, ыһыах биир сүрүн сиэртэн-туомтан — күнү көрсүүттэн аһыллар. Бу күн тахсар күн бастакы сардаҥалара киһи кутун-сүрүн ыраастыыллар уонна киһиэхэ күүһү-уоҕу, ыраас санааны биэрэллэр.

Быйылгы “Айыы санаа айана” Олоҥхо ыһыаҕар кымыс иһиитин сиэрин-туомун ыраах Ньурба улууһуттан кэлэн анаан-минээн оҥордулар. Өбүгэ саҕаттан утумнанан кэлбит улахан сиэри-туому бэйэтэ ураты тыыннаах, атын салгыннаах сиргэ-уокка кэлэн ыытыы олус эппиэтинэстээх уонна долгутуулаах. Тоҕо диэтэххэ, күнү көрсүү сиэрэ-туома хайдах ыытыллыбытыттан, төһө табыллыбытыттан ыһыах хайдах барара улахан тутулуктаах диэн мээнэҕэ эппэттэр, дьон бары ону итэҕэйэр, эрэнэ күүтэр.

Ньурба улууһун култуураҕа департаменын начаалынньыгын солбуйааччы Илья Николаев 25 киһилээх дэлэгээссийэни салайан кэлбит. Манна даҕатан эттэххэ, “Туймаада” судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбыл сүрүн солиһынан көрөөччүлэр тапталларын ылбыт Илья Николаев билигин Ньурбаҕа култуура улуустааҕы департаменыгар үлэлиир.

Илья Николаев:

— Ньурба улууһуттан Өймөкөөн курдук ыраах дойдуга 1,5 тыһыынчаттан ордук килэмиэтирдээх сири 2 массыынанан айаннаан кэллибит.

Ыллам ырыаһыттардаах, тохтор тойуксуттардаах Ньурба улууһуттан дьоҕурдаах ыччаттарбытын, талааннаах дьоннорбутун аҕалан, ыһыах араас күрэҕэр кытынныбыт. Онтон сүрүн сыалбыт-сорукпут күнү көрсүү уонна кымыһы иһии сиэрин-туомун көрдөрүү этэ.

Дэлэгээссийэбит дьонуттан үгүспүт Тымныы Оройо Өймөкөөҥҥө аан бастаан кэллэ. Мин кыһыҥҥы өттүгэр сылдьыбыт буоллахпына, сайын өттүгэр айылҕата мааныта, сүдүтэ сөхтөрдө. Үрдүк очуос хайалары, Индигир өрүстэн тардыылаах үрэхтэри, сүүрүгүрэ сытар үрүйэлэри, хойуу мастаах тыалары, ирбэт тоҥ муустаах эбэлэри көрө-көрө астына, сылайбыппытын да умнан туран айаннаатыбыт.

Лена Руслановна Степанова, СӨ култууратын, ыччат бэлиитикэтин туйгуна, искусствоведение билимин хандьытаата:

— Өймөкөөҥҥө буолуохтаах өрөспүүбүлүкэ ыһыаҕар эрдэттэн улуустарга барыларыгар сорудах, кэккэ эппиэтинэс сүктэриллибитэ. Биһиэхэ кымыһы иһии сиэрин-туомун күнү көрсүүнү кытары дьүөрэлээн оҥорорго эппиттэрэ. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «К.Д. Уткин аатынан Ньурбатааҕы Норуоттар доҕордоһууларын мусуойун» билим уонна чинчийэр
салаатын салайааччыта Борис Борисович Борисов бу сааскыттан саҕалаан, сүбэһит-эспиэр быһыытынан үлэлэспитэ.  Биһиги киэн туттар биир дойдулаахпыт, бөлүһүөк, философия билимин дуоктора, бэрэпиэссэр Ксенофонт Уткин кымыһы иһиигэ оҥорбут сиэринэн-туомунан (1994 с. кинигэтэ тахсыбыта) сценарий оҥорбуппут.

Томтор нэһилиэгэр “Көмүс күрүө” этнокомплекска оһуохай түһүлгэтин түмүктээһиҥҥэ Олоҥхо ыһыаҕын национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков кымыс иһиитин сиэрэ-туома ыһыах сүрүн көрдөрүүтэ буоларын, ону сөпкө, налыччы, хоточчу ыытаннар, Өймөкөөн ыһыаҕар олус үчүгэй күннэр турбуттарын туһунан эппитигэр олус үөрдүбүт, долгуйдубут. Тоҕо диэтэххэ, уопсайынан, атын сиргэ-уокка сиэри-туому ыытар эппиэтинэстээх. Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар аан бастаан маннык сиэри-туому ыыппыппытыттан олус долгуйдубут. Онон Олоҥхо ыһыаҕын (Майя Власьева сценарийа) Томтор олохтоохторо, култуура улуустааҕы управлениетын үлэһиттэрэ, олохтоох алгысчыттар уонна биһиги күүспүтүн түмэн, өйдөһөн-өйөһөн ыыттыбыт. Ыһыаҕы тэрийээччилэр, ыалдьыттар махтаммыттарын истэн, кылааппытын киллэрсибиппитинэн киэн туттабыт.

Биһиги эрэ өҥөбүт диир бырааппыт суох, олохтоохтор күүскэ бэлэмнэммиттэр, сиэргэ-туомҥа наадалаах сахалыы иһити-хомуоһу, атрибуттары барытын бэлэмнээбиттэр. Аны тыһыынча киһи кыттыаҕа диэн эппиттэрин иһин, тыһыынча кымыс, тыһыынча убаһалаах эт, алаадьы баар буолуохтаах диэбиппит уонна аҕыйах күн иһигэр толору оҥоруохтара дуо диэн долгуйуу эмиэ баара. Ол эрэн, ыалдьыттар бары ыһыах аһылыга кэһиилээх тарҕаспыттарын көрөн бэйэбит оҕолуу үөрдүбүт.

Кымыс иһиитин сиэрин-туомун ыытан баран, Өймөкөөн култууратын үлэһиттэрин кытары сүбэлэстибит, санаабытын атастастыбыт. “Маннык улахан чорооннору аан бастаан оҥордубут. Салгыы хайдах харайабыт, көрөбүт-истэбит?” диэн сүбэ-соргу көрдөөн, бэйэтэ маастар-кылаас курдук буолла.

Биһиги “Көмүс күрүө” этнокомплекска бэйэтигэр балаакка-куоракка олохсуйбуппут. Ураты махталбытын Альберт Николаевич Вензель баһылыктаах Сордоҥноох дьонугар аныыбыт. Былаан быһыытынан, күҥҥэ биирдэ эрэ эбиэттэтиэхтээх дьон, күнү быһа быыстала суох аһата, баардарынан-суохтарынан күндүлүү сырыттылар. Ыалдьытымсах дьон күндүлээбит, Байанай маанылаабыт аһылыгын арааһын тото-хана сиэн астынныбыт. Онон, ыһыах күнү көрсүүттэн саҕаланан, биһиги ыһыаҕы саҕалаабыт дьон буоламмыт улаханнык долгуйбуппут.

Федорова Тамара Федоровна, оҕолору олоҥхоҕо уһуйааччы:

75 сааһын аһаран эрэр олоҥхоһуппут Василий Иванович Иванов‑Чиллэ Баһылай кэлсибитэ. Биһиги “Уйусхан” диэн ааттаах оҕолор бөлөхтөрүн аҕыллыбыт. Чабырҕахсыт, фольклорист Оһуокай Сэмэн «Күн Тэгэринэ бухатыыр» олоҥхотун бэлэмнээбиппит. Оҕолорбут саҥа саҕалыыр дьон диэтэххэ, маладьыастар. Андриан Пахомов диэн уолбутун сэһэнньит оҥордубут. Наһаа үчүгэйдик кэпсээтэ, бары астынныбыт. Түмүгэр анал аакка тигистибит, саҥа саҕалыыр дьон быһыытынан, олус үөрдүбүт.

Биһиги ону таһынан Ньурба улууһугар Олоҥхо ассоциациятын салайааччыта Розалия Васильевна Тартакыновалыын дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлэстибит. Барыта 32 бөлөх кэлэн күөн көрүстэ. Бачча ыраах бастакы сырыыбыт, бастакы кыттыыбыт. Онон, мантан инньэ өссө да олохтоохтук оҥостон, бэлэмнэнэн Олоҥхо ыһыахтарыгар тиийэн кыттар буолуохпут диэн кынаттанан баран эрэбит.

ххх

 Ньурба улууһун дэлэгээссийэтэ олоҥхо ыһыаҕын түһүлгэтигэр киһи барыта кымыс иһиитин сиэригэр-туомугар санаатын ууран кыттыспытыгар олус махтанна. “Өймөкөөҥҥө ыһыах ыһыллар түһүлгэтигэр Томторго 2 күн инниттэн кэлэммит, хайыы үйэ дьиэтийэн хаалбыт курдукпут, аны маннык ыалдьытымсах дойдуттан барыахпытын, үтүө мааны саҥа доҕотторбутуттан арахсыахпытын баҕарбат курдукпут”, — диэн дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо?

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

4 часа ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

4 часа ago