Ньурбалар ойуур баһаарыгар үлэлиир дьонноругар көмө хомуйаллар
28.07.2024, 15:15
Бөлөххө киир:
Бу күннэргэ Ньурба улууһугар ойуур баһаарыгар үлэлии сылдьар дьонноругар анаан көмө хомуйаллар.
Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, өрүү буоларын курдук, бастакы өйөбүлү урбаанньыттар оҥордулар.
Ол курдук, Муксуновтар дьиэ кэргэн 200 тахса респиратор-мааска, «Ника» маҕаһыынтан бытовой туттар тэрил, Титовтар дьиэ кэргэн бородуукта тиксэрдилэр.
“От ыйын 26-29 күннэригэр Административнай киин бастакы этээһигэр гуманитарнай көмө пууна арыллан үлэлии турар. Ким туох кыахтааҕынан ыаллыы Үөһээ Бүлүү уонна Ньурбабыт сиригэр баһаардарга үлэлии сылдьар дьоммутугар көмөлөһүөҕүҥ диэн ыҥырабыт”, — диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулуспата телеграм-ханаалыгар суруйар.
+1
2
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: