Ньурбалар Саҥа дьыллааҕы «корпоративтан» аккаастаннылар
Былаас уорганнарыгар, муниципалитеттарга Саҥа дьыллааҕы кэлэктиибинэн тэрээһиннэри ыыппаттарыгар этии киирбитэ.
Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев телеграмҥа ханаалыгар:
— Салайааччылар планеркаларыгар Саҥа дьыллааҕы корпоративтары ыытартан туттуналларыгар сүбэлээтим. Дойдубутун көмүскүүр сыаллаах-соруктаах байыаннай эпэрээссийэ ыытыллар кэмигэр, дойду араас бэрэстэбиитэллэрин кытта сэргэ биһиги биир дойдулаахтарбыт саа-саадах тутан сэриилэһэ сырыттахтарына, өлүү-сүтүү тахса турдаҕына бырааһынньыктарынан үлүһүйбэккэ, бары күүспүтүн-кыахпытын түмэн буойуттарга көмөлөһүөхпүтүн наада. Бары бииргэ буоллахпытына эрэ Кыайыы кэлиэҕэ. Оттон оҕолорго аналлаах Саҥа дьыллааҕы тэрээһиннэр былааннаммыттарын курдук ыытыллыахтара, манна хааччах оҥоһуллубат, — диэн суруйда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: