Ньурбалар ыаллыы сытар Үөһээ Бүлүү улууһугар көмөлөрүн ыыттылар

Share

Баһаар сезона саҕаланыаҕыттан Саха сирин бары улуустарыттан хомуллан уоту кытары охсуһаллар. Кыһалҕалаах, эмсэҕэлээбит улуустарга ким туох кыахтааҕынан көмөлөһөр.

От ыйын 26-29 күннэригэр ньурбалар Административнай кииҥҥэ Ньурба уонна Үөһээ Бүлүү улуустарыгар ойуур баһаарын утары үлэлии сылдьар дьонноругар анаан гуманитарнай көмө хомуйбуттар. Ол туһунан Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев телеграмм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.

«Улууспут олохтоохторугар ойуур баһаарын утары охсуһа сылдьар дьоммутугар көмөлөһүөххэ диэн ыҥырыы таһаарбыппыт. Ыҥырыыбытын тута ылынан көмөлөспүт тэрилтэлэрбитигэр: Антоновкатааҕы быраас амбулаториятыгар, «Биһик» уһуйааҥҥа, улуус дьаһалтатын үлэһиттэригэр, Тыа хаһаайыстыбатын департаменыгар, Култуура департаменыгар, Ыччат дьыалатын уонна имидж бэлиитикэтин салалтатыгар, «Табыс» бэстибээл кыттыылаахтарыгар, «Ростелеком» Ньурбатааҕы салаатыгар, Кииннэмит бухгалтерияҕа, Норуоттар доҕордоһууларын түмэлигэр, «Ньурба МТС-Агро» тэрилтэлэригэр, урбаанньыттарбытыгар, Муксуновтар, Титовтар дьиэ кэргэннэригэр, «Ника» маҕаһыыҥҥа кэлэктиибигэр, «Байар» кэпэрэтиипкэ өрүү бу курдук кыһалҕаттан туора турбакка күүс-көмө буоларгытыгар улахан махталбытын биллэрэбит», — диэн улуус баһылыга маталын тиэрдэр.

Ойуур баһаарын утары үлэлии сылдьар дьоҥҥо анаммыт гуманитарнай көмөнү бэҕэһээ ыаллыы сытар Үөһээ Бүлүү улуһугар, ону тэҥэ Ньурбачаан уонна Чаппанда нэһилиэктэригэр тиксэрдилэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус-Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

2 часа ago