Салгыы
Ньурбатааҕы кырдьаҕастар дьиэлэригэр

Ньурбатааҕы кырдьаҕастар дьиэлэригэр

08.10.2022, 13:00
Бөлөххө киир:

Алтынньы 1 күнүгэр Аҕам саастаах дьон аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэнэр. Арассыыйаҕа бу күн 1992 сылтан бэлиэтэнэр буолбута. В.А. Петрова аатынан Ньурбатааҕы улуустар икки ардыларынааҕы интэринээт-дьиэҕэ Аҕам саастаах дьон күнүн уратытык бэлиэтээтилэр. Сунтаар улууһуттан дэлэгээссийэ кэлэн, биир дойдулаахтарын көрсөн, эҕэрдэлээн, кэһии биэрэн бардылар.

Сунтаар дэлэгээссийэтин кытта.

Тэрээһиҥҥэ Ньурба улууһун баһылыгын солбуйааччы Анна Уларова, социальнай көмүскэл управлениетын салайааччы Ирина Находкина, Сунтаар улууһун баһылыгын солбуйааччы Гаврил Еремеев, социальнай көмүскэл управлениетын салайааччы Михаил Тимофеев кытыннылар.

Сунтаардар биир дойдулаахтарыгар нэһилиэктэриттэн анаан кэһии аҕалан, кырдьаҕастары олус долгуттулар, үөртүлэр. “Дойдум миэнэ Сунтаарым уотун куруук саныыбын, Сунтаар сылаас кутаатын түөспэр илдьэ сылдьабын…” диэн ырыа ылланар кэмигэр, дойдуларын ахта сылдьар дьоҥҥо, сорох-сорохтор харахтарыттан уу-хаар баста. Чахчы, бу олус долгутуулаах түгэн буолла.

Төрөөбүт дойду туһунан мантан да атын уйаҕас, истиҥ иэйиилээх уонна патриотическай тыыннаах ырыалар ылланнылар. Үйэлэрин-саастарын тухары үлэлээн, дойду сайдыытыгар тус кылааттарын киллэрбит аҕам саастаах көлүөнэҕэ эҕэрдэ, махтал тыллара этилиннилэр. Ньурба улууһун дьаһалтатын аатыттан тыыл бэтэрээннэригэр бэлэхтэри туттардылар.

Интэринээт-дьиэ дириэктэрэ Изамира Семенова бу дьоро күн кыттыылаахтарыгар уонна ыалдьыттарга махтанна. Чахчыта, сунтаардар биир дойдулаахтарын умнубаттар, бу курдук сибээстэһэ тураллар. Манна 26 биир дойдулаахтара олороллор.

Төрүт үгэстэри тутуһаллар

Ньурбатааҕы улуустар икки ардыларынааҕы кырдьаҕастар, инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрэ 1996 сыллаахха арыллыбыта. Ньурба оройуонун оччотооҕу баһылыга Варвара Петровна Андреева интэринээт-дьиэ арыллыытыгар быһаччы үлэлэспитэ, элбэхтик көмөлөспүтэ. Онон 2016 сыллаахха улуус баһылыгын уурааҕынан, интэринээт-дьиэҕэ В.А. Петрова аата иҥэриллибитэ.

Манна чугастааҕы улуустартан көрүүгэ-истиигэ наадыйар, кырдьаҕас уонна кыаммат, инбэлиит дьон кэлэн олороллор. Кинилэргэ интэринээт үлэһиттэрэ социальнай-реабилитационнай, мэдиссиинискэй, психологическай өҥөлөрү оҥороллор, көрөллөр-истэллэр, сынньалаҥнарын тэрийэллэр, олохторун уһатарга уонна толору ис хоһооннуурга кыһаллаллар.

2014 сыллаахха 90 куойкалаах, 2 этээстээх таас дьиэҕэ көһөн киирбиттэрэ. Бүлүү бөлөх улуустартан кэлэн олорор буолбуттара. Кэлин куойкатын ахсаана 115-кэ диэри эбиллибитэ. Билигин 104 киһи олорор, ол иһигэр: тыыл бэтэрээннэрэ – 6, сэрии кэмин оҕолоро – 17, үлэ бэтэрээннэрэ – 8, инбэлииттэр – 73 киһи.

Кэлэктиипкэ 68 киһи үлэлиир, ол иһигэр мэдиссиинэ үлэһиттэрэ – 39 киһи.

Интэринээт-дьиэ бэйэтэ хаһаайыстыбалаах. 26 сүөһүнү уонна сибиинньэлэри иитэллэр. Тэпилииссэҕэ оҕуруот аһын 9 көрүҥүн үүннэрэллэр. Сүлэҕэ сайылыктаахтар, онно тахсан, сынньанан, үлэлээн, сайыны атаараллар. Онон этинэн-үүтүнэн, оҕуруот аһынан, хортуосканан-хаппыыстанан бэйэлэрин хааччыналлар.

Саха үгэһин тутуһан, Ньукуолун күн кус миинэ буһаран, алаадьы астаан, кырдьаҕастарын күндүлүүр идэлээхтэр. Онуоха сорох тэрилтэлэр, холобур, ОДьКХ тэрилтэ Ньурбатааҕы салаатын үлэһиттэрэ сааскы кустарыттан анаан бэрсэн, үөрдэллэр.

Онтон Кыайыы күнүгэр интэринээт-дьиэ үлэһиттэрэ байыаннайдыы таҥнан, полевой куукунаны үлэлэтэн, саллаат хааһытын сиэтэн, Н.Харитонов-Чуор аатынан “Кыталык” култуура дьиэтин ыллаан-үҥкүүлээн, дьаһалта үлэһиттэрэ кэлэн бэтэрээннэри эҕэрдэлээн, санааларын көтөхпүттэрэ. Ньурбатааҕы көһө сылдьар драматическай тыйаатыр артыыстара байыаннай ырыалары ыллаан, тойук туойан, оһуохайдаан, сыаҥкалары көрдөрөн, сэргэхсиппиттэрэ.

1 Маай бырааһынньыгар Октябрьскай нэһилиэктэн А.Я. Овчинникова аатынан “Түһүлгэ” норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ кэлэн эҕэрдэлээбиттэрэ. Бу курдук тиһигин быспакка кэлэн билсэн-көрсөн, кэнсиэртээн бараллар, кырдьаҕастарга-кыамматтарга болҕомто уҕараабат.

Хамсык кэмигэр ыһыах күнүгэр интэринээт-дьиэҕэ аҕа көлүөнэҕэ ытыктабыл быһыытынан алгыс сиэрин-туомун ыытан тураллар. Алгыһы биллэр алгысчыттар Иван Васильев уонна Алиса Иннокентьева ыыппыттара. Бу тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Алексей Иннокентьев, култуура үлэһиттэрэ кыттыыны ылбыттара.

Саҥа дьылга эрдэттэн бэлэмнэнэн, ахсынньыга тиэргэҥҥэ симэммит харыйаны туруораллар, банаардары, гирляндалары ыйыыллар, хаар киһилэри, араас кыыллары хаартан оҥороллор. Быйыл Антоновкаттан Норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ кэлэн эҕэрдэлээн, сэргэхситэн барбыттара. Оттон интэринээт олохтоохторо маскараат кэтэн, оонньоон-көрүлээн, Тымныы оҕонньору уонна Хаарчаананы кытары дьуолка тула хоробуоттаан, саҥа дьыллааҕы минньигэс бэлэхтэрин тутан, оҕо саастарын эргитэллэр.

Кулун тутар 8 күнүгэр даамаларга куонкурус ыытыллар. Кинилэр киэргэнэн, оҥостон, туттан-хаптан киирэн, араас көрдөөх күрэстэргэ кытталлар, бэйэлэрин дьоҕурдарын арыйаллар. Көрөөччүлэр хас биирдиилэрин ытыс тыаһынан көрсөллөр, бу куонкуруһу олус сөбүлүүллэр. Кэрэ аҥаардар бары сибэкки, бэлэх туталлар, ким да туора туран хаалбат.

Бу курдук Ньурбатааҕы интэринээт-дьиэҕэ кырдьаҕастарга болҕомто ууруллар, кинилэр олохторун чэпчэтэргэ, киэргэтэргэ үлэһиттэр эрэ буолбакка, уопсастыбаннас эмиэ кыттыһар.   

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: