Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев, Сүлэ нэһилиэгин баһылыга Дмитрий Иванов, Октябрьскай нэһилиэк дьаһалтатыттан Василий Федоров бу күннэргэ Запорожьеҕа уонна Донецкай өрөспүүбүлүкэҕэ баар Ньурбаттан төрүттээх байыаннай сулууспалаах уолаттары көрсөн иһэллэр. Ол туһунан «Ньурба — Огни Нюрбы» хаһыата бэйэтин телеграмм-ханаалыгар таһаарда.
— Ньурбаттан төрүттээх 40 тахса уолу көрүстүбүт. Мантан дьонноро, улууспут бэлэмнээбит малларын тиэртибит. Барыта туонна кэриҥэ таһаҕастаах кэлбиппит. Уолаттар үөрүү бөҕөлөрө. Саамай сөхпүтүм диэн, 5 чаас сатыы хааман кэлэн биһигини көрүстүлэр. Дойдуларын сонунун истээри, ирэ-хоро кэпсэтээри. Санаан көрүҥ, 5 чаас устата эт атаххынан хааман кэлэр диэн хорсун быһыы. Хомойуох иһин, сыалбытын ситтибит диэн этэр кыаҕым суох. Былаан быһыытынан 70-80 биир дойдулаахтарбытын көрсүөхтээх этибит. Прорыв буолан соҕуруу өттүн сабан кэбистилэр, инньэ гынан сорохторугар тиийбэтибит. Малларбытын тирэх пууннарга хааллардыбыт, онно Ньурба улууһун дьаһалтатыттан бэйэбит үлэһиппит баар. Баран иһэн Москваҕа Бурденко аатынан госпиталга 3 уолу, төннөн иһэн Ростов-на-Дону байыаннай госпиталыгар эмтэнэ сытар 3 уолу көрүстүбүт.
Уопсайынан уолаттар санаалара күүстээх.
Миэстэтигэр тиийэн уолаттары көрсөр хайаан да наада, биллэн турар, балаһыанньаттан көрөн. Уолаттарбыт хайдах курдук үөрэ-астына көрсөллөрүн, дойдуларын ахтылҕанын таһааралларын, биир дойдулаахтара кинилэри кытары бииргэлэрин, салалта өйүүрүн көрөн сирэйдиин сырдыы түһэллэр. Этэн аһарбытым курдук, 5 чаас сатыы хааман кэлэн көрүстүлэр. Күүстэригэр күүс, сэниэлэригэр сэниэ эбиллэр. Биһиги уолаттарбыт үчүгэй ахсааҥҥа сылдьаллар. Эдэркээн 19, 20 саастаах уолаттарбыт өйдөрө-санаалара, толкуйдара отой атын, бигэ. Биһиги кинилэргэ бары өттүнэн өйөбүл буолан баарбытын биллэрэрбит хайаан да наада. Сахалары олох убаастыыллар эбит, блокпост буоллун, чаас буоллун “Вы якуты?”, — диэн кэпсэтэллэр, ким даҕаны тохтоппот. Түмсүүлээх норуоккут диэн сөҕөллөр.
Москваҕа бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ, “Саха волонтер” түмсүү тохтоло суох көмө оҥороллор. Мин үһүс төгүлүн кэллим уонна бу сырыыга отой биир ситимнээх үлэ бара турарын илэ көрөн астынным. Эрдэ маннык буолбатах этэ. Систиэмэ оҥоһуллубут, тирэх пууннар отой үчүгэйдик үлэлии тураллар. Андрей Сандаминович салалтатынан постпредство өттүттэн күүстээх үлэ барар. «Саха волонтер» түмсүү күннэтэ госпиталларга уолаттары баран көрсөр, кинилэр наадаларыгар сүүрэр-көтөр. Ростовка биир саха дьахтара баар эбит, уолаттарга ийэлии сыһыаннаһан таҥастарыгар тиийэ дьаһайан сылдьар. Уопсайынан, сахалар түмсүүлээхпитин өссө биирдэ бигэргэтэн кэллим. Атын эрэгийиэн уолаттара сөҕөллөр, Саха сирин курдук көмөлөһөр эрэгийиэн олох аҕыйах диэн.
Бу күннэргэ СӨ Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев күһүҥҥү быыбарга турунарын туһунан киэҥ эйгэҕэ иһитиннэрдэ. Манан сибээстээн, Айсен Сергеевич билиҥҥи кэм киһитэ диэн этэбин. Мин араас таһымҥа баһылыктыыр кэммэр өрөспүүбүлүкэ түөрт салайааччытын кытары үлэлээтим. Уонна чопчу этэр кыахтаахпын – саамай ыарахан кэм Айсен Сергеевич салайар биэс сылыгар ааста. Аан дойдуну аймаабыт пандемия, халаан уута, ойуур баһаардара, аны билигин — байыаннай дьайыы. Биир салайааччы холугар элбэх тургутуу. Улахан уот турар кэмигэр Ньурбаҕа эмиэ ыксаллаах быһыы-майгы үөскүү сылдьыбыта. Онно Приморьеттан тиийэ байыаннай бөртөлүөттэр кэлэн үлэлээн барбыттара.
Айсен Сергеевич байыаннай сулууспалаах уолаттарга көмөтүн бары билинэллэр, улаханнык махтаналлар. Барытын социальнай ситиминэн көрө олороллор. Хайдыһымыахха наада дииллэр, сөпкө этэллэр. Саха норуота түмсэр, биир өйгө-санааҕа кэлэр кэмэ кэллэ. Биһиги бары Ил Дархаммыт тула түмсүөхтээхпит.
Биир дойдулаахтарбар туһаайан этиэм этэ, бары түмсүүлээх буолуохтаахпыт, биир санаанан салайтаран олоруохтаахпыт!
Түөкүттэр оҕону да албынныылларын кэрэйбэттэр. Харчыланар туһуттан тугунан барытынан олуйаллар-моһуйаллар. ИДьМ 2 №-дээх полиция отделын…
Дьокуускай куорат киинигэр, Чернышевскай уулуссатыгар 12 этээстээх аныгы гостиница тутуллуоҕа. Бу туһунан Ил Дархан "РИК"…
Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…
Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…
РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…
Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…