Салгыы
Ньурба улууһугар оҕолорун муҥнаабыт аҕа сууттанна

Ньурба улууһугар оҕолорун муҥнаабыт аҕа сууттанна

14.09.2023, 15:07
Хаартыска СӨ Борокуратууратыттан
Бөлөххө киир:

Ньурба улууһун борокуратуурата 33 саастаах олохтооҕор сыһыаннаах холуобунай дьыалаҕа судаарыстыбаннай буруйдааһыны өйөөтө. Кини Арассыыйа Холуобунай кодексатын 156 ыст. уонна 117 ыст. 2 ч. «а, г» п.п. сууттанна.

Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Борокуратуурата иһитиннэрэр. Онно быһаарыллыбытынан, сууттанааччы төрөппүт эбээһинэһин тустаахтык толорбокко,  2012, 2014, 2017 с.т. кэргэнин уолун уонна бэйэтэ төрөппүт икки оҕотун абааһы көрөн, кырбаан уонна атын даҕаны күүс өттүнэн дьайыылары оҥорон, эт-хаан уонна уйулҕа өттүнэн  эрэйи-муҥу көрдөрбүт.

Суут кырыктаах аҕаны буруйдааҕынан билинэн, 3 сылга көҥүлүн быһары усулуобунайынан ааҕан, 6 ыйга тургутар болдьоххо уурда. Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик.

Оҕолор дьиэ кэргэнтэн ылыллан социальнай тэрилтэҕэ бэрилиннилэр, аҕа уонна ийэ төрөппүт быһыытынан бырааптара хааччахтанан, ийэҕэ сыһыаннаах Арассыыйа Холуобунай кодексын 156 ыст. холуобунай дьыала тэриллэн, суут көрүүтүгэр киирдэ.

+1
0
+1
4
+1
1
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: