Ньурба уустара олохтоохторго уонна ыалдьыттарга Сата тимир ууһун уустара тимири уһаарыы былыргы ньымаларын көрдөрдүлэр. Кинилэр 10 киилэттэн тахса тимири уһаардылар. Бастакы таптайыы чиэһэ Ил Дархан Айсен Николаевка тигистэ. Былыргы ньыманан уһаарыллыбыт тимиртэн уустар саха байыастарыгар, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар быһах оҥороллор.
“Саха сирэ былыр-былыргыттан сатабыллаах уустарынан уонна ураты састааптаах тимиринэн биллэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ уустар үлэлэрин сөргүтүү уонна сайыннарыы салҕаныаҕа”, — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Ньурба улууһун уустара бу сатабылга үүнэр көлүөнэни сыһыараллар. Тустаах улууска командировка кэмигэр Айсен Николаев Үөһээ Бүлүү кыстыгын Марха улууһун (билигин Ньурба улууһун Хаҥалас сэлиэнньэтэ) Сата уус удьуор ууһа Ариан Афанасьевы кытта көрүстэ. Бу уус маастардара тимири уулларан булт сэбин уонна саха норуота күннэтэ хаһаайыстыбаҕа туттар тэрилин оҥороллоро.
Ариан Афанасьев көҕүлээһининэн 2017 сыллаахха уустар өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы бэстибээллэрэ ыытыллыбыта. Онно 9 киилэ 200 кыраам тимири ылбыттара. Иккис бэстибээлгэ 12 маастар саха быһаҕын уонна сэттэ маастар саха хомуһун оҥорууга кыттыбаттара. Өрөспүүбүлүкэтээҕи уустар ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ, РФ уустарын ассоциациятын чилиэнэ Николай Бурцев, Ариан Васильевич Сата уустарын ньыматынан былыргылыы хайа боруодатын (рудоплав) уулларыыны сөргүтүүнү ыытар үлэтин уонна улахан, орто саастаах оскуола үөрэнээччилэрин уус идэтигэр уһуйуутун үрдүктүк сыаналаабыта.
Ариан Васильевич өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы араас быыстапкалар кыттыылааҕа. Өбүгэлэрин былыргы үгэстэрин салҕыыр, үрүҥ, кыһыл көмүстэртэн ураты, кыбытыктаах быыстапкаҕа турар оҥоһуктары, ону тэҥэ, биирдиилээн саха быһахтарын, кыптыйдары, хомустары, курдары оҥорор.
2017 сылтан Ньурбаҕа уус кыһата үлэлиир. Онно Ариан Афанасьев оскуола үөрэнээччилэригэр олоҕурбут ньыманан саха быһаҕын, хомуһу оҥорууга уһуйар. Төрөппүттэр Ариан Васильевичка улаханнык махтаналлар. Иитиллээччилэрэ маастарыстыбаларын өрөспүүбүлүкэ таһымыгар көрдөрөллөр. Былырыын Ариан Афанасьевка “СӨ норуотун уус-уран оҥоһуктарын маастара” ааты иҥэрбиттэрэ.
Санатан эттэххэ, 2022 с. дойду бэрэсидьиэнэ биллэрбит Арассыыйа норуттарын култууратын нэһилиэстибэтин сылыгар, Айсен Николаев уустарга Ил Дархан бириэмийэтин олохтообута итиэннэ аан бастакытын сэттэ ууска уус идэтин сөргүтүүлэрин, тарҕатыыларын, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай олоҕор көхтөөх кыттыыларын, оҕону-ыччаты култуура нэһилиэстибэтигэр сыһыаралларын иһин ый аайы бэриллэр истипиэндийэни туттарбыттара. Салгыы манна ааҕыҥ.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038