Салгыы
Ньургуһун тылынна!

Ньургуһун тылынна!

Ааптар:
08.03.2024, 12:36
Бөлөххө киир:

Уус Алдан улууһуттан Майаҕастан үөрүүлээх сонун кэллэ. Бу сэргэх, киһини үөрдэр сонуну суруйбуттар. Ол курдук, Олег Михайлович Копырин аан дойду дьахталларын күнүгэр сиэн кыргыттарыгар, кэргэнигэр анаан ньургуһун тылыннарбыт.

Анаан, лоп-бааччы кулун тутар 8 күнүгэр сөп түбэһиннэриэх диэтэххэ, уустук буолуохтаах. Бу тугу көрдөрөрүй? Сүрүнэ, ис сүрэхтэн баҕарыахха, кыһаллыахха эрэ наада диэн суруллар.


Олег Михайлович биолог да, ботаник да буолбатах. Тыа сирин олохтооҕо, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри хачыгаар ыарахан уонна эппиэттээх үлэтигэр сылдьыбыт, ол иннинэ суоппардаабыт. 61-с хаарын санныгар түһэрбит биэнсийэлээх.
Билигин да таах олорбот. Сүөһүлэрин көрөн, сиэнин бүөбэйдээн күн солото суох. Мас олордорун сөбүлүүр. Ону кытта кэлсибит ньургуһуннары ылан үүннэрэн көрөргө санаммыт.

Ааттыын аҕыс ый кыһыннаах, тоҕус ый томороон тымныылаах Саха сиригэр кулун тутарга тыллыбыт сир үтүөкэн бэлэҕин — тыыннаах ньургуһунун, бэл, Ботаническай саад үүннэрэрин истэ иликпин. Саас баар буолар. Оттон Олег Михайловичка бэркэ табыллыбыт. Лыах — эмиэ тыыннаах. Ньургуһун түргэнник ситэр эбит. Алта хонуктааҕы хаартыскаҕа көрүҥ диэн этиллэр.

+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
14 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 80% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: