Уус Алдан улууһуттан Майаҕастан үөрүүлээх сонун кэллэ. Бу сэргэх, киһини үөрдэр сонуну суруйбуттар. Ол курдук, Олег Михайлович Копырин аан дойду дьахталларын күнүгэр сиэн кыргыттарыгар, кэргэнигэр анаан ньургуһун тылыннарбыт.
Анаан, лоп-бааччы кулун тутар 8 күнүгэр сөп түбэһиннэриэх диэтэххэ, уустук буолуохтаах. Бу тугу көрдөрөрүй? Сүрүнэ, ис сүрэхтэн баҕарыахха, кыһаллыахха эрэ наада диэн суруллар.
Олег Михайлович биолог да, ботаник да буолбатах. Тыа сирин олохтооҕо, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри хачыгаар ыарахан уонна эппиэттээх үлэтигэр сылдьыбыт, ол иннинэ суоппардаабыт. 61-с хаарын санныгар түһэрбит биэнсийэлээх.
Билигин да таах олорбот. Сүөһүлэрин көрөн, сиэнин бүөбэйдээн күн солото суох. Мас олордорун сөбүлүүр. Ону кытта кэлсибит ньургуһуннары ылан үүннэрэн көрөргө санаммыт.
Ааттыын аҕыс ый кыһыннаах, тоҕус ый томороон тымныылаах Саха сиригэр кулун тутарга тыллыбыт сир үтүөкэн бэлэҕин — тыыннаах ньургуһунун, бэл, Ботаническай саад үүннэрэрин истэ иликпин. Саас баар буолар. Оттон Олег Михайловичка бэркэ табыллыбыт. Лыах — эмиэ тыыннаах. Ньургуһун түргэнник ситэр эбит. Алта хонуктааҕы хаартыскаҕа көрүҥ диэн этиллэр.
«Буратино» киинэ уопсай хомуура 1,5 млрд солкуобайы куоһарда. Бу Киинэ пуондатын Биир кэлим автоматизированнай информационнай…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа, суруйааччы Ангелина Васильева-Дайыына "Тайах оҕото"…
Өрөспүүбүлүкэҕэ эми-тому атыылаһыыга уонна тарҕатыыга сыһыаннаах эмп-том хааччыйыытын ньымалара тохсунньу 9 күнүгэр СӨ Ил Дархана…
Ньурба улууһугар полиция үлэһиттэрэ Саҥа дьыл түүнүгэр тыаҕа муммут уонна суолга хаарга хаайтарбыт массыыналаах ыалга…
Дьокуускай куорат борокуратуурата криптовалютаҕа инвестициялыыр аатыран дьон үбүн-харчытын уорууга сыһыаннаах холуобунай дьыаланы суукка ыытта. Бу…
Ил Дархан Айсен Николаев бэҕэһээ, тохсунньу 9 күнүгэр, оробуочай сырыытынан Дьокуускайга баар Искэн киинин үлэтин…