«Ньургун Боотур» дойду тэбэр сүрэҕэр айанныа

«Ньургун Боотур» дойду тэбэр сүрэҕэр айанныа

27.11.2022, 14:15
Бөлөххө киир:

Дойду киин куораттарыгар көрдөрүллүөхтээх “Ньургун Боотур” опера-олоҥхо Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар сэтинньи 16 күнүгэр буолла.

Бу опера-олоҥхону Саха сирин күннэрин чэрчитинэн: ахсынньы 2 күнүгэр Санкт-Петербурдааҕы Мариинскай ты­­йаатырга, ахсынньы 6 күнүгэр Москваҕа Улахан тыйаатыр саҥа сыанатыгар, Дьокуускайга ахсынньы 29 күнүгэр көрөөччү дьүүлүгэр таһаарыахтара. Саҥа туруорууга Опера уонна балет тыйаатырын сүрүн солистара, тыйаатыр хора уонна симфоническай аркыастыра, Олоҥхо тыйаатырын артыыстара уонна мусукааннара, өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай филармониятын хора, “Саха сирин виртуозтара” судаарыстыбаннай ансаамбыл толорооччулара кытталлар.

* * *

«Ньургун Боотур» – мусукаа­лынай дырааматтан үөскээбит эпическэй опера. Эпическай опера либреттотын драматург Дмитрий Сивцев-Суорун Омоллоон суруйбута.
Өрөспүүбүлүкэ мусукаалынай култууратын төрүттээччи Марк Жирков «Дьулуруйар Ньургун Боотур» номоххо киирбит мусукаалынай дыраамата Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр патриотическай тыыҥҥа иитиигэ уһулуччу суолталаммыта. Онтон бу дыраамаҕа олоҕуран «Ньургун Боотур» опера үөскээбитэ. Мусукаалынай дыраама өстөөҕү утары охсуһууга күүрээннээх знамянан, кыа­йыыга эрэли үөскэтэр чаҕылхай сулуһунан буолбута. Ол да иһин, тыйаатыр кэлэктиибэ 100-с туруорууттан киирбит харчытын «Сэбиэскэй Саха сирэ» холуон­наҕа «Дьулуруйар Ньургун Боотур» тааҥканы оҥорууга ыыппыта. Патриотическай тыыннаах туруоруу өрөспүүбүлүкэҕэ олорор норуоттары түмэр анал­лаах, күн бүгүн даҕаны ол аналын сүтэрбэт. Быйылгы опера-­олоҥхо кыттыылаахтара үтүө үгэһи салҕаан, дойду көмүскэлигэр бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэр. Ол курдук, Опера уонна балет тыйаатырын кэлэктиибэ Улахан тыйаатырга көрдөрүүттэн киирбит үбү-харчыны Саха сириттэн быстах хомуурга барбыттары өйүүргэ биэрэргэ этии киллэрдэ.
1947 сылтан ыла испэктээк араастык уларыйан туруоруллан кэллэ. САССР 100 уонна Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин сылларыгар ананар опера-олоҥхону Арассыыйа уонна СӨ норуодунай артыыһа, ССРС, Арассыыйа уонна Саха сирин Судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата Андрей Борисов туруорда, бырайыак туруорааччы-дирижера – Москва мусукаана, дирижердар аан дойдутааҕы куонкурустарын лауреата Константин Хватынец.
Саҥа туруоруу ороскуотун (20 мөлүйүөн солкуобайы) РФ Култуураҕа министиэристибэтэ уйунна.

Дириҥ ис хоһоонноох опера

Режиссер Руслан Тарахов­скай:
– Биһиги олоҥхо-операҕа туох саҥаны киллэрэбит диэтэххэ, Суорун Омоллоон либреттотыттан бэрээдэгин уларыттыбыт. Ол аата, көрөөч­чүлэргэ судургу уонна өйдөнөр, олус элбэх киһи кыттыылаах, киэҥ хабааннаах, дириҥ ис хоһоонноох гына оҥордубут.

Оркестровка – Руслан Мурсякаев, худуо­һунньук-сценограф – Михаил Егоров, көстүүмнэр худуоһунньуктара – Сардаана Федотова, балетмейстер-туруорааччы – Екатерина Тайшина, дирижер – Николай Пикутскай, бырайыак продюсера – Алексей Садовскай.

Сүрүн оруоллары толорооччулар:

Ньургун Боотур – СӨ норуодунай артыыһа Александр Емельянов уонна СӨ култууратын туйгуна Егор Колодезников.
Туйаарыма Куо – аан дойдутааҕы уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустар лауреаттара Екатерина Корякина, Екатерина Захарова, Зинаида Колодезникова.
Айыы аймаҕын аҕа баһылыга – СӨ норуо­дунай артыыһа Юрий Баишев уонна Петр Бучугасов.
Күн Күбэй – Арассыыйа, СӨ норуодунай артыыската Айталина Адамова-Афанасьева.
Уот УһутаакыЕгор Колодезников, Егор Громов, Олег Диденко.
Үрүҥ Уолан – СӨ норуодунай артыыһа Николай Попов, аан дойдутааҕы куонкурустар лауреаттара уонна дипломана Александр Степанов.
Кыыс Кыскыйдаан – СӨ үтүөлээх артыыскалара Анегина Дьяконова, Прасковья Герасимова, СӨ култууратын туйгуна Мария Михайлова.

Кристина НОВГОРОДОВА хаартыскалара

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: