«Ньургун Боотур» опера Москваҕа Саха сирин күннэригэр көрдөрөргө бэлэм буолла
Бэҕэһээ, сэтинньи 16 күнүгэр, дойду киин куораттарыгар көрдөрүллүөхтээх “Ньургун Боотур” операны Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар билиһиннэрдилэр.
Бу операны сотору Саха сирин күннэрин чэрчитинэн: ахсынньы 2 күнүгэр Санкт-Петербурдааҕы Мариинскай тыйаатырга, ахсынньы 6 күнүгэр Москваҕа Улахан тыйаатырга, Дьокуускайга ахсынньы 29 күнүгэр көрдөрүөхтэрэ.
Саҥа туруорууга Опера уонна балет, Олоҥхо тыйаатырдарын, “Саха сирин виртуозтара” ансаамбыл артыыстара, өрөспүүбүлүкэ филармониятын хора уонна симфоническай аркыастыра кытталлар.
Туруоруу режиссера Руслан Тараховскай:
-Биһиги Олоҥхо-операҕа туох саҥаны киллэрэбит диэтэххэ, Суорун Омоллоон либреттотатыттан испэктээк хамныыр бэрээдэгин уларыттыбыт. Ол аата көрөөччүлэргэ судургу уонна өйдөнөр гына оҥордубут. Олус элбэх киһи кытыылаах, киэҥ хабааннаах, дириҥ ис хоһоонноох гына оҥордубут.
Стас Ощепков, Опера уонна балет тыйаатырын хорун ырыаһыта:
-Эрэпээтииссийэ күн аайы сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри барда. Тыйаатыр барыта кэлэн эрэпэтииссийэлээтэ. Бэлэмнэнии устата элбэхтик уларыйар, билигин барыта силигин ситтэ. Ол да буоллар, өссө да уларыйыылар киириэхтэрин сөп.
Туруорууга артыыстар эрэ буолбакка, көстүүмнэрбитин тигээччилэр, уот оҥорооччулар, сыана машинистара уо.д.а. сыана маастардара күүскэ ылсан үлэлээтилэр. Элбэх хартыына уларыйар, уоту араастык оонньотоллор, онно барытыгар элбэх идэлээх исписэлиис үлэлиир.
Урукку туруорууга мин Сорук Боллуру оонньоон турабын. Билигин бухатыыр оруолугар уонна норуот тахсар сыанатыгар баарбын. Туруоруута уруккутааҕар уларыйдаҕа дии.
Москваҕа элбэхтик гостуруоллаабыт буолан, наһаа долгуйуу суох эрээри, үлэбитин, бүтүн саха норуотун ускуустубатын көрдөрөр эппиэтинэстээҕин бары өйдүүбүт. Ол иһин, хас биирдии артыыс кыһаллар, сыаллаах-соруктаах үлэлиир. Улахан сыаналарга ыллыҥ да ыллаан барбаккын, онон , барыта табылларын туһугар биир киһи курдук кыһаллабыт. Ситэ-хото илиги ситэриэхпит, бириэмэ син баар. Режиссердарбыт да, артыыстарбыт да бары улахан үөрүйэхтээх дьон. Онон, артыыстар настарыанньабыт үчүгэй.
(Сиһилии «Саха сирэ» хаһыат аныгыскы нүөмэригэр ааҕыаххыт)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: