«Ньургун Боотур» опера Москваҕа ситиһиилээхтик туруорулунна
Бу күннэргэ дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка Большой тыйаатыр саҥа сыанатыгар Марк Жирков уонна Генрих Литинскэй «Ньургун Боотур» опералара ситиһиилээтик, үрдүк таһымнаахтык туруорулунна. Премьера билиэтэ икки күн иһинэн атыыга тута барбыт.
Улахан тэрээһин Москваҕа Саха сирин күннэрин, Саха АССР тэриллибитэ 100 сылын иитинэн буолла. Бу күн Москва олохтоохторо уонна Москваҕа олорор биир дойдулаахтарбыт саха норуотун аатырбыт оператына астына-дуоһуйа көрдүлэр.
«Опера уонна балет тыйаатырын айар кэлэктиибэ — опера солистара, хор уонна симфоническай оркестр, Олоҥхо тыйаатырын артыыстара, мусукааннара, Судаарыстыбаннай филармония хора уонна «Виртуозы Якутии» ансаамбыл бары бииргэ үтүмэн үлэни үмүрүппүттэр. Классическай муусука уонна олоҥхо кыттыһыылара, ситимнэһиилэрэ (синтез) уонна артыыстар үрдүк таһымнаахтык оруолларын толоруулара, ырыалара дойдубут киин куоратын олохтоохторун сөхтөрдүлэр. «Ньургун Боотур» премьерата биһиги өрөспүүбүлүкэбит төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан бэртээхэй бэлэҕинэн, киэргэлинэн буолла», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев санаатын үллэһиннэ.
Ураты тэрээһиҥҥэ, премьераҕа РФ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга миниистирэ Алексей Чекунков сырытта. «Бары өттүнэн олус кырасыабай, сылааһынан эрэ илгийэр премьера буолла. Москва олохтоохторун ааттарыттан Саха сириттэн Саҥа дьыл иннинээҕи кэмҥэ ураты тыыны, ураты сылааһы, бастыҥ эниэргийэни бэлэхтээбиккитигэр ис сүрэхпиттэн махтанабын. Сырдык уонна хараҕа охсууһалара көрдөрүлүннэ, онно сырдык кыайда, оннук да буолуохтаах. Иситиҥ таптал, эр санаалыы, хорсун быһыыланыы итэҕэтиилээхтик көрдөрүлүннэ. Аан дойду таһымнаах туруорууну бу үрдүк сыанаҕа көрөр-истэр олус үчүгэй, киһи дуоһуйууну, астыныыны эрэ ылар. Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатыгар холбоммута 400 сылыгар Большой тыйаатыр сыанатыгар өссө атын премьералары дуоһуйа, астына көрүөхпүт диэн эрэбит», — диэн Алексей Чекунков эттэ.
Опера либреттотын драматург Дмитрий Сивцев — Суорун Омоллоон суруйбута, аан бастаан сыанаҕа 1947 сыллаахха туруоруллубута. Бу алтыс туруоруу буолар.
Санатар буоллахха, опера премьерата Санкт-Петербурга Мариинскай тыйаатырга турбута. Дьокуускай куоракка ахсынньы 29 күнүгэр Опера уонна балет тыйаатырыгар туруоруллуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: