«Ньургун Боотур» операны омук сиригэр аан бастаан көрдөрдүлэр
Астанаҕа тобус-толору саалаҕа мустубут дьон ортотугар «Ньургун Боотур» эпическэй операнан Казахстааҥҥа Саха сирин күннэрин арыйдылар.
«Астана Балет» тыйаатыр 700-тэн тахса миэстэлээх саалатыгар өрөспүүбүлүкэ киин куоратын олохтоохторо уонна ыалдьыттара толору мустан, 200 артыыс кыттыылаах “Ньургун Боотур” операны нууччалыы тылбааһынан дуоһуйа астына көрдүлэр.
— Бу көннөрү опера буолбатах. Биһиги планетабыт айыллыытын, үтүө уонна кырыктаах санаа күөн көрсүһүүтүн туһунан норуот уус-уран тылынан хоһуйуутун эпоһа.
Хотугу түүр норуотун символа биһиги бырааттыы норуоттарбыт доҕордоһууларын бөҕөргөтүөҕэ, — диэн казах норуотугар санаатын тиэртэ Ил Дархан Айсен Николаев.
Казахстааҥҥа Саха сириттэн кэлбит оркестр, опера, балет, хор уонна драма артыыстара Алматыга Абай аатынан национальнай академическай опера уонна балет тыйаатырыгар быйыл араас сыанаҕа алтыс төгүлүн туруоруллар режиссер Андрей Борисов оператын эмиэ көрдөрүөхтэрэ.
Операны аан бастаан Санкт-Петербурга Мариинскай тыйаатырга уонна Москва Большой тыйаатырыгар Саха сирин 100 сыллаах үбүлүөйүгэр 2022 сыллаахха туруорбуттара.
Саха сирин күннэрин чэрчитинэн Казахстааҥҥа ыытыллар гостуруоллар федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэллэр. «Ньургун Боотур» операны Кыргызстааҥҥа эмиэ көрдөрүөхтэрэ. Казахстааҥҥа ыытылла турар Саха сирин күннэрэ 2023 сыллаахха тохсунньуга икки өрөспүүбүлүкэ салайааччылара Касым-Жомарт Токаев уонна Айсен Николаев бииргэ үлэлээһиҥҥэ түһэрсибит сөбүлэҥнэрин чэрчитинэн ыытыллар. Муус устар 17-23 күннэригэр ыытыллар тэрээһиннэр ис хоһоонноро олус киэҥ – дьыалабыай көрсүһүүлэр буолуохтара, култуура уонна успуорт эйгэлэрэ хабыллыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: