Бэҕэһээ Сунтаарга хорсун буойун Ньургун Григорьев кэриэһигэр буулдьанан ытыы күрэҕэ бэрт тыҥааһыннаахтык, тэрээһиннээхтик ыытылынна. Бастыҥ снайпер аатын үйэтитэр тэрээһин быйыл иккис төгүлүн ыытыллар.
Ньургун үөрэммит Сунтаардааҕы 3-с нүөмэрдээх уонна спорка уһуйуллан тахсыбыт спорт оскуолаларын көҕүлээһиннэринэн тэриллибит күрэскэ Бүлүү бөлөх улуустарыттан барыта 19 хамаанда, 59 кыраҕы харахтаах ыччаттар кыттыыны ыллылар.
Кыра сааһыттан байыаннай буолуом диэн улааппыт 20-лээх уол байыаннай дьайыы саҕаланыыта хантараак баттаһан сулууспатын саҕалаабыта. Кини хорсун быһыытын иһин үс мэтээл хаһаайына буолар. Дойду көмүскэлигэр олоҕун толук уурбут эдэркээн уол дьоруой быһыытынан, дьон өйдөбүлүгэр олоҕун салгыыр.
Спонсордар көмөлөрүнэн күрэс бириистээх пуондата олус үчүгэй. Муҥутуур кыайыылаах 40 тыһ. солк. оттон кини тренерэ 10 тыһ.солк. харчынан наҕараадаланнылар.
Ийэлээх аҕата Лилия, Николай Григорьевтар оҕобут хорсун-хоодуот быһыытын дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсии, үйэтитэ туруохпут дииллэр.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…