Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев бүгүҥҥү Анал этиитинэн Нам улууһун “Эрэл” кэпэрэтиип дириэктэрэ Ньургун Гуляев санаатын маннык эттэ:
— Ил Дархаммыт Айсен Николаев: “Тыа хаһаайыстыбатын бэлиитикэтин сүрүн хайысхаларын бэйэлэрэ быһаарар буолуохтара”, — диэн этиитигэр тохтуохпун баҕарабын. Кырдьык, улуустар тыа хаһаайыстыбатын сайыннаралларыгар улахан эппиэтинэс ылаллар. Мин санаабар, манна саамай улахан болҕомто бородууксуйаҕа ууруллуохтаах. Ол аата, тыа хаһаайыстыбатын үлэтиттэн түмүк бородууксуйаны ылыыга. Бу бородууксуйа үрдүк хаачыстыбалаах, туох баар ирдэбилгэ эппиэттиэхтээх, куттала суох буолуохтаах. Ону ситиһэргэ оҥорон таһаарар тэрилтэлэргэ оборудованиеҕа модернизация ирдэниллэр. Үрдүк хаачыстыбалаах бородууксуйаны оҥорорго сөптөөх лабаратыарыйа баар буолуохтаах. Оҥоһуллан тахсыбыт бородууксуйа сөптөөх сыанаҕа батарыллыахтаах, быһата, батарыы мэктиэлээх буолуохтаах. Маны барытын тэрийэргэ-үлэлэтэргэ элбэх үп-харчы ирдэниллэр, ону барытын бүддьүөт кыайбат. Онон чэпчэтиилээх кирэдьииттэр үлэлиэхтээхтэр. Ол курдук, оборудование да ыларга, бааһынай, чааһынай хаһаайыстыбалартан бородууксуйаларын переработкаҕа ыларга, хаһаайыстыбалары кытта үргэнник аахсарга.
Дьокуускай куорат 19-c №-дээх "Василек" уһуйаан 45 cыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Уһуйаан 1978 сыллаахха ахсынньы аам-даам…
Ахсынньы 19 күнүгэр Москва бириэмэтинэн күнүс 12 чааска (Дьокуускай бириэмэтинэн киэһэ 18 чааска) бэрэсидьиэн Владимир…
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бүгүн пресс-кэмпириэнсийэ иитинэн ааһан эрэр сыл түмүгүн таһаарыаҕа. СӨ ОДьКХ уонна…
Альберт Семенов, Дьокуускай куораттааҕы Дуума бэрэссэдээтэлэ: -- Быйылгы туһаайан этиитигэр Ил Дархаммыт Айсен Николаев кэлэр…
Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр сүрүн хайысхалартан биирдэстэринэн суол инфраструктуратын сайдыыта буолар.…
РФ сенатора Сахамин Афанасьев Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин сүрүн түгэннэриттэн санаатын…