«Мин тириим кытарда, онон маас атыыластым”, “Мэҥим улаатта, чэ, ааһар ини” – диэн тыллары бэйэлэрэ эмтиэкэлэммит эбэтэр аахайбакка аһарбыт дьонтон элбэхтик истэбит. Дьиҥэр, итинник сылдьан бэйэҥ үтүөрэн хаалбаккын.
Тирии ханнык ыарыылара баалларын, дерматолог-бырааска хаһан уонна хайдах көрдөрүнэр туһунан СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин дерматовенеролог-бырааһа Ньургустаана Спартаковна Докторова кэпсиир.
-Хас биирдии киһи сылга биирдэ хайаан да дерматологка көрдөрүнүөхтээх.
Киһи дьиэтигэр бэйэтин тириитин көрүнэ сылдьыахтаах. Улахан дьон мэҥнэнэ, бээтинэлэрэ уо.д.а. ханан баарын билэллэр. Онуоха ымынах уонна кыра баас баар буоллаҕына, тириигит өҥүгэр болҕомтону уурарга сүбэлиибин. Онтон оҕолоргут баттахтарыгар быт уонна быт сааҕын курдук “ыаллар” баалларын-суохтарын бэрэбиэркэлээҥ. Биллэн турар, тирии гигиенатын тутуһарга үөрэтиҥ.
-Мэҥ – меланоциттар мустуулара, бу килиэккэлэр меланин пигмена оҥоһулларыгар, тирии куттала суох искэнигэр эппиэттииллэр. Эрдэттэн санааны түһэрэр сатаммат, тоҕо диэтэххэ, мэҥ эрэ барыта араак кутталлаах көрүҥэр кубулуйбат. Ол гынан баран, мэҥ улаатарын, дьүһүнэ уларыйарын бэлиэтии көрдөххүнэ, дерматолог-бырааска көрдөрүнүөххүн наада. Быраас дерматоскобунан көрөн, кутталлаах эбэтэр куттала суох мэҥ буоларын быһаарар.
Ардыгар сорох дьон мэҥнэрин бэйэлэрэ суох гына сатыыллар. Ити олох сыыһа, тоҕо диэтэххэ, хаан кэлиэн уонна бэйэ эмтэнэ сатааһына кутталлаах содуллаах буолуон сөп.
Хомойуох иһин, үгүс киһи меланомаҕа (тирии араагар) кубулуйар дии саныыллар. Оннук буолбатах. Өссө төгүл хатылаан эттэххэ, тириигэр туох эмэ уларыйыы тахсыбытын биллэххинэ, хайаан да дерматологка көрдөрүнэр наада. Тоҕо диэтэххэ, тулалыыр дьоҥҥо кутталы үөскэтэр тирии сыстыганнаах ыарыылара баар буолаллар.
Кэнники сылларга псориаз, атопическай дерматит (үксүн оҕолорго), аллергия дерматозтара элбээтилэр. Итилэр тирии сыстыгана суох ыарыыларыгар киирсэллэр. Сыстыганнаахтарга кыһыылаах ымынах, модьуун (микроспрория, трихофития), араас пиодермиялар (ириҥэлээх) киирсэллэр.
-Судургу быраабылары санатыахпын баҕарабын. Гигиена быраабылаларын, ордук оҕолор көлөһүннэрин уонна сыа былдьархайдарын функциялара күүһүрэр кэмигэр умнумаҥ. Тириини судургутук ыраастааһын киртэн-хохтон, быылтан ыраастанарга, ону сэргэ эпидермис дьэҥкир бүрүөтүн өлбүт килиэккэлэрин суох оҥорорго көмөлөһөр. Ыалдьар дьону уонна кыыллары кытары хантаактаһыллыбат. Микроспорияҕа ыарыыны тарҕатааччынан сүрүннээн кыыллар буолаллар. Ыарыһах дьонтон микроспорияны сэргэ кыһыылаах ымынах, пиодермия уонна тирии атын ыарыылара сысталлар. Онуоха сайыҥҥы кэмҥэ күнтэн харыстанар сириэстибэлэри туһанар булгуччулаах. Элбэхтик айылҕаҕа сылдьарга, сибиэһэй салгынынан тыынарга, сөбүлүүр дьыалаҕытынан дьарыктанарга, араас куһаҕан санаалары бэйэҕитигэр туппаккытыгар уонна, биллэн турар, чөл олоҕу тутуһаргытыгар сүбэлиибин.
Чэгиэн сылдьыҥ, бэйэҕитин бэйэҕит эмтэнимэҥ, дерматовенерологка көрдөрөртөн куттанымаҥ.
Бэйэбитин көрүнүөҕүҥ, доруобуйабытыгар туһалааҕы оҥостуоҕуҥ. Ытыстары бэйэ-бэйэлэригэр аалан сылытыллар уонна сырдык киирбэтин курдук тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр…
Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024" Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…
Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…
Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…
2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…
Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…