Салгыы
Ньурбаҕа Үөдэй нэһилиэгин быыстапката аһылынна

Ньурбаҕа Үөдэй нэһилиэгин быыстапката аһылынна

Ааптар:
20.07.2024, 11:30
Хаартыска: Ньурба түмэлин пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

«Ньурба оройуона: үйэттэн-үйэҕэ» Ньурба улууһа төрүттэммитэ 200 сылыгар аналлаах нэһилиэктэр быыстапкаларын тэрээһинин чэрчитинэн Үөдэй нэһилиэгин быыстапката үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. 

Бу туһунан Ньурба түмэлин пресс-сулууспата суруйар. Үөдэй нэһилиэгэ Ньурба улууһун биир саамай кырдьаҕас, дириҥ устуоруйалаах нэһилиэктэриттэн биирдэстэрэ буолар. Үһүйээн кэпсииринэн былыр Дьокуускай диэкиттэн Өрсүк диэн ааттаах киһи кэргэнинээн, Ньылбаа эмээхсинниин, Бүлүүгэ Түүкээн үрэҕин тардыытыгар күрээн кэлбиттэр. Кинилэр сүүрбэ оҕолоохторо. Ити сүүрбэ оҕоттон аҕыс эрэ оҕо аата-суола биллэр: Торбуох, Үөдэй, Бараама, Аһыкай, Ходороон, Кэмпэй (бу кыыс аата үһү), Бөкчөөлө, Бакайаан. Өрсүктээх үгүс оҕолоруттан үөскээн-тэнийэн, Үөдэй нэһилиэгин аҕатын ууһун баһылыктара буолбуттар.

Быыстапканы Уйбаан Ороһуунускай тылларыгар, Дмитрий Потапов матыыбыгар «Үөдэй — куруорт сирэ» ырыанан астылар, кэлбит ыалдьыттары алаадьынан, быырпаҕынан күндүлээтилэр.

Ньурба улууһун баһылыгын солбуйааччы Н.С. Петрова, Ньурба түмэлин дириэктэрэ А.А. Туманова, Үөдэй нэһилиэгин баһылыга М.П. Николаева, Ньурба улууһун Култуураҕа департаменын салайааччытын солбуйааччы А.В. Кузьмин, Ньурба улууһун уонна Чаппанда нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ Үөрэх министиэристибэтин бочуоттаах бэтэрээнэ В.А. Никифоров уонна Ньурбаҕа олорор үөдэйдэр ааттарыттын С.П. Егомина эҕэрдэ тыллары анаатылар.

Быыстапкаҕа Үөдэй сирэ киэн туттар дьоно, талба талааннахтар, уран тарбахтаахтар оҥоһуктара, тигиилэрэ, устуоруйаны кэрэһилиир маллар дьон-сэргэ көрдөрүүтүгэр турдулар. Үөдэй нэһилиэгин баһылыга Мария Пудовна Николаева улуус биир саамай сатабыллаах салайааччыта. От үлэтэ үгэннээн турар кэмигэр нэһилиэгин дьонун мунньан сэдэх эспэнээттээх сэргэх быыстапка дьон-сэргэ сэҥээриитин ылла.

Санатан этэххэ, Үөдэй нэһилиэгэр ааспыт үйэни кэрэһилиир «Ытык өбүгэлэр» диэн аһаҕас халлаан анныгар түмэл аһыллыбыта. Маны таһынан, Үөдэйгэ В.А. Петрова аатынан искибиэр-уһаайба, аныгылыы тутуулаах саҥа В.А. Петрова аатынан оскуола-уһуйаан, о.д.а. тэрилтэлэр бааллар. Билигин Үөдэй нэһилиэгэр 186 киһи олорор. Үөдэйдэр сүрүн дьарыктара — тыа хаһаайыстыбата. «Сүөһүнү иитиэн баҕалаах киһиэхэ Үөдэйгэ бары усулуобуйа барыта баар, сирбит иэнэ киэҥ буолан төһө баҕар оттоон, элбэх сүөһүнү иитэр кыах баар», — диэн үөдэйдэр кэпсииллэр.

+1
4
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: